Хаартыска: Банки.ру
2026 сылга хамнас төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) үрдүүрүнэн, быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии босуобуйатын алын кээмэйэ эмиэ улаатыаҕа, диэн РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир Финансовай университет доцена Игорь Балынин aif.ru-ка кэпсээтэ.
«Быһа холоон, 2026 сыллаахха МРОТ 27093 солкуобайга диэри үрдүөҕэ диэн күүтүллэр. Быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии күннээҕи босуобуйатын алын кээмэйэ МРОТ-у сөптөөх ый халандаарынай күннэрин ахсааныгар түҥэтэн быһаарыллар. Онон, 30 хонуктаах ыйдарга (муус устар, бэс ыйа, балаҕан ыйа, сэтинньи) кээмэйэ 903,10 солк. тэҥнэһиэҕэ (2025 сыллаахха – 748 солк.)», – диэн кини быһаарда.
Эспиэр этэринэн, 2026 сыл олунньутугар (28 хонук) күннээҕи босуобуйа алын кээмэйэ 967,61 солк. буолуоҕа (2025 сыллаахха – 801,43 солк.). «31 хонуктаах ыйдарга (тохсунньу, кулун тутар, ыам ыйа, от ыйа, атырдьах ыйа, алтынньы, ахсынньы) быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии күннээҕи босуобуйатын алын кээмэйэ 873,97 солк. тэҥнэһиэҕэ (723,87 солк.)», – диэн Балынин чуолкайдаата.
Экэнэмиис «орто күннээҕи хамнас алын кээмэйэ» 24-дү МРОТ-ка төгүллээн баран, 730-ка түҥэтэн ааҕылларын бэлиэтээтэ. Онон, МРОТ = 27093 солк. буоллаҕына, «орто күннээҕи хамнас алын кээмэйэ» 890,73 солк. буолар (2025 сыллаахха – 737,75 солк.).
Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэһи мэктиэлээһининэн өйүүргэ саҥа бородуукта үлэлээтэ. Бу туһунан Урбааны сайыннарыы…
Дьокуускайга «Спортивнай» түөлбэҕэ сыл бүтүөр диэри элбэх өҥөнү оҥорор успуорт саалатын тутуута түмүктэниэ. «2021 сылтан…
Дьокуускайга алтынньы 24 күнүгэр Саха сиригэр уонна Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр анаммыт тэрээһиннэри ыытыахтара. Саха сирин…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна «Универсальнай университет» (Universal University) АН үрдүк үөрэх тэрилтэтин дириэктэрэ…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин хирургияҕа мобильнай киинэ Булуҥ улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар…
Бастатан туран, оҕолор уонна ыччат билимҥэ, чинчийэр үлэҕэ интэриэстэрин тардар сыалтан Саха сиригэр сыл аайы…