«Больничнай» төлөбүрүн кээмэйэ үрдүөҕэ
2023 сыл тохсунньутуттан Биэнсийэ пуондата уонна Социальнай страховкалааһын пуондата холбоһоллор. Бу тэрилтэ аата Арассыыйа Социальнай пуондата диэн уларыйар. Холбоһуу сыала-соруга – социальнай көмөнү биэрии хаамыытын чэпчэтии уонна үбү-харчыны кэмчилээһин.
Холбоһуу туһунан боппуруоһу, дьиҥинэн, 2018 сылтан көтөҕөллөр. Быйыл тохсунньу ыйга Үлэ министиэристибэтэ пуондалары холбооһун тиһиктээх үлэтин туһунан этиилэри уопсастыбаннай ырытыһыыга таһаарбыта. Ыам ыйын 20 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбата тустаах сокуон барылын оҥорбута.
Билигин араас түгэҥҥэ тус-туспа пуондаҕа тиийиэххэ наада – инбэлиит киһи биэнсийэтин ыларыгар Биэнсийэ пуондатыгар, көмө тиэхиньикэни, кэлээскини ыларыгар Социальнай страховка пуондатыгар сайаапка суруйар. Оттон оҕо төрөөтөҕүнэ, Ийэ хапытаалын ыларга — Биэнсийэ пуондатыгар, босуобуйа ыларга — Социальнай страховка пуондатыгар тиийиэххэ наада. Хоту сиргэ олорор биэнсийэлээх сынньана барарыгар айанын ороскуотун Биэнсийэ пуондата төлүүр, оттон эмтэнэ барар ороскуотун Социальнай страховка пуондата толуйар. Онтон билигин барытын биир тэрилтэттэн ылар буолар.
“Биэнсийэ пуондата сабыллар, өскөтүн, алҕас таҕыстаҕына, ханна баран аахсабыт?” диэн үгүс ыйытыы киирэр. Ол эрээри бу холбоспут тэрилтэҕэ килийиэннэр сулууспалара диэн баар буолаллар. Манна кэлэн ханнык баҕарар боппуруоһу быһаартарыахха сөп. Бу ордук сааһырбыт дьоҥҥо табыгастаах. Оттон сорох ыспыраапкалары “Госуслуги” портал нөҥүө ылыахха, боппуруоһу түргэнник быһаартарыахха сөп. Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) эмиэ тиийиэххэ сөп.
Билигин бу икки пуонда бэйэ-бэйэлэригэр олус элбэх сибидиэнньэни ыытыһаллар. Холбоһуу кэннэ, информацияны ылыы, тиэрдии, өҥөнү оҥоруу судургутуйуо, түргэтиэ. Биир тэрилтэни салайарга да чэпчэки, үп-харчы да кэмчилэнэр.
Маны тэҥэ, 2023 сылтан үлэни биэрээччилэр социальнай страховкалааһыҥҥа усунуостарын төлүүллэригэр биир тарыып олохтонор. Ол түмүгэр, урбаанньыттар, тэрилтэлэр бииргэ үлэлэһиилэрэ эмиэ судургутуйар. Үс сиргэ отчуот ыытар оннугар, биирдэ эрэ ыыталлар.
Сорох төлөбүрдэр, холобур, “больничнай” лиис суумата үрдүөҕэ. Ону тэҥэ, “ГПХ” (гражданскай-быраап дуогабарынан) үлэлиир дьоҥҥо эмиэ “больничнайдара” төлөнөр буолар. Холобур, “ГПХ” дуогабарынан үлэлиир дьахталлар дэкириэт уоппускатын төлөбүрүн ылар кыахтаналлар.
Икки пуонда холбоһуута туох уларыйыылары аҕалыаҕын туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат сэтинньи 24 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: