«Больничнай» төлөбүрүн туһунан быһаарыы

Share

Саха сиригэр 2023 сылга 130 тыһыынчаттан тахса киһи «больничнай» босуобуйатын ылбыт. Манна Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата 4 миллиард солкуобайы ыыппыт.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «больничнай» босуобуйа муҥутуур кээмэйэ үрдээн, күҥҥэ 4039 солкуобайга тэҥнэспитэ. Алын кээмэйэ күҥҥэ 632 солкуобайга тэҥнэһэр.

— «Больничнай» босуобуйа кээмэйэ страховой ыстаастан уонна икки кэнники сыллааҕы хамнас орто кээмэйиттэн тутулуктаах. Ыстаас 5 сылтан аҕыйах буоллаҕына, орто хамнас 60%-на, 5-8 сыл буоллаҕына — 80%-на төлөнөр. Оттон ыстаас 8 сылтан элбэх буоллаҕына, хамнас 100% кээмэйэ төлөнөр, — диэн Социальнай пуонда салаатын салайааччы Марина Герман кэпсээтэ.

«Больничнай» бастакы үс күнүн үлэни биэрээччи бэйэтин үбүттэн төлүүр. Төрдүс күнтэн ыла Социальнай пуонда салаата төлөөн барар. Үлэһит дьиэ кэргэнин ыалдьыбыт чилиэнин көрөөрү-истээри «больничнай» ылбыт, эбэтэр, харантыыҥҥа олорор, быратыаһы оҥорторор, санаторийга эмтэнэр буоллаҕына — «больничнай» бастакы күнүттэн Социальнай пуонда салаата төлүүр. Пуондаҕа сибидиэнньэ киириэҕиттэн, 10 үлэ күнүн устата харчы төлөнүөхтээх.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ямаллар кыыл табалара (видео)

Бу видеоҕа үөр табалар улахан айан суолун туораан, субуһан эрэллэрэ көстөр. Эчи элбэхтэрин, көрөргө бэртээхэй…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан «Бэс Чагда» санаторийга байыастары көрүстэ

Улуу Кыайыы күнүн көрсө, ыам ыйын 8 күнүгэр,  Ил Дархан Айсен Николаев «Бэс Чагда» санаторий…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Учуонайдар Баатаҕай кратера өссө эбии улааппытын бэлиэтээтилэр

Саха сиригэр Баатаҕай кратера ууллан, кэнники өссө эбии улааппытын бэлиэтээтилэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ ирбэт тоҥ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатаска Андрей Никифоров аатынан уулуссаҕа интерактивнай бэлиэ баар буолла

Андрей Петрович Никифоров аатын сүгэр уулусса интерактивнай бэлиэтин билиһиннэриитэ буолла. Олох диэн улуу күүс, кини…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Азия оҕолорун уота» Абыйга тиийдэ

Бүгүн Абый улууһун олохтоохторо VIII "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын уотун уруйдуу көрүстүлэр.…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бэс ыйын 1 күнүттэн «Азия оҕолоро» оонньуулар култуурунай бырагыраамата саҕаланыа

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар 50-тан тахса тэрээһин култуурунай бырагыраама иһинэн бэс ыйын…

10 часов ago