Салгыы
“Большие Смыслы” Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорумҥа эрэгийиэннэр быыстапкалара буолла

“Большие Смыслы” Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорумҥа эрэгийиэннэр быыстапкалара буолла

11.10.2024, 17:52
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru ТГ ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

“Большие Смыслы” Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум иитинэн алтынньы 10 күнүгэр эрэгийиэннэр быыстапкалара буолан ааста. Кыттааччылар инники күөҥҥэ сылдьар оҕо лааҕырдарын уонна оҕону кытта үлэ бастыҥ уопутун билиһиннэрдилэр.

Саха сириттэн кыттааччылар туруорбут интерактивнай былаһааккаларын дьон сэҥээрдэ. Маны тэрийиигэ Туризмы сайыннарар уонна эрэгийиэннээҕи маркетинг ааҕыныстыбата (дириэктэр Сивцев С.Г.), Дьокуускай куораттааҕы 2-с нүөмэрдээх национальнай политиэхиньиичэскэй оскуола, “Спутник” лааҕыр (дириэктэр Владимиров В.М.)  көмөнү оҥордулар.

Биһиги дэлэгээссийэбит сахалыы киллэриктээх хайысхаларынан симиэнэлэр үлэлэрин ситиһиилээх уопутун, этнокултууралаах маастар-кылаастары, лааҕырдарга хайысхалаах симиэнэлэри үлэлэтиигэ туһаныллар ньымалары, ону олоххо киллэриини көрдөрдө.

Быыстапкаҕа кэлбиттэр олус көхтөөхтүк кытыннылар, сахалыы төрүт оонньуулары оонньоон холонон көрдүлэр, ону ааспыттар өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.

“Лааҕыр араас хайысхалаах симиэнэлэригэр этнокультурнай компонены киллэрии оҕо айар дьоҕура, үтүө майгылаах, тулуурдаах киһи, патриот буола эргиччи сайдарыгар көмөлөөх” – диэн дэлэгээссийэ салайааччыта, “Бэс Чагда” киин дириэктэрэ Варвара Васильева этэр. Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин пресс-сулууспата сырдатар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: