Болугурдар бэлиэ сэргэ анныттан 1972 сылтан эҕэрдэ туттулар
Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах биир умнуллубат бэлиэ тэрээһин буолан ааста.
Бу туһунан Болугурдааҕы М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин уус-уран салайааччыта Евдокия Платонова маннык кэпсээтэ:
— Нэһилиэкпитигэр 1972 сыллаахха Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылын көрсө үбүлүөйдээх сэргэ туруоруллубута.
Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн Зоя Аммосова үлэлиирэ. Ол кэмҥэ араас түмсүүлээх тэрээһиннэр, үлэ-хамнас көхтөөхтүк ыытыллара. Үбүлүөйдээх бэлиэ сэргэ анныгар нэһилиэк оччотооҕу үлэтин, дьонун-сэргэтин туһунан туоһулуур докумуоннар, Болугур урукку историята хараллан ууруллубуттара.
Оччотооҕу кэмҥэ нэһилиэк уопсай мунньаҕын быһаарыытынан, бу бэлиэни Саха АССР 100 сылыгар арыллыахтаах диэн быһаарбыттар.
Бэлиэ сэргэни нэһилиэк олохтоохторо Майрот Ноговицын, Семен Егоров, Октябрин Николаев, Алексей Посельскай, Егор Егоров, Иван Иванов, Тогойя Филиппов, Николай Неустроев, Иван Афанасьев, Фридрих Михайлов уо.д.а оҥорон туруорбуттар. Үөрүүлээх тэрээһини Мария Петрова алгыс тылынан сиэрин-туомун ситэрэн, Болугур нэһилиэгин аҕа баһылыга Андрей Петров эҕэрдэ тылынан саҕалаата.
Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Ирина Иванова, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ муниципальнай сулууспатын бэтэрээнэ, Амма улууһун, Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Мария Софронова истиҥ эҕэрдэ тылларынан, ол кэминээҕи аахтыыларыттан нэһилиэк олохтоохторо сүргэлэрэ көтөҕүллүннэ.
Бу ааспыт бэлиэ кэми туоһулуур ытык кырдьаҕастарбыт бүгүн кэлэн кыттыыны ылбыттара тэрээһини ордук киэргэттэ, дьону долгутта.
Үбүлүөйдээх сэргэҕэ угуллубут нэһилиэк устуоруйатын докумуонун сэргэни туруорсубут сэрии бэтэрээнэ, кадровай булчут, коммунистическай үлэ бэтэрээнэ Иван Иванов төрөппүт кыыһа Ирина Иванова ылан, нэһилиэк баһылыгар туттаран, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрдүлэр.
Бу историческай докумуону нэһилиэк аҕа баһылыга түмэл үлэһитигэр Сахаяна Кожуроваҕа дьон-сэргэ ортотугар үөрүүлээхтик туттарда.
Бэлиэ күҥҥэ, үбүлүөйдээх сэргэ арыллар үлэтин салайсыбыт, күүс-көмө буолбут дьоммутугар: Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын Болугурдааҕы учаастагын салайааччытыгар, нэһилиэк дьокутаатыгар Василий Максимовка, нэһилиэк ыччатыгар Максим Егоровка махталбытын тиэрдэбит.
Тэрээһин түмүктүүр чааһыгар уопсай өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэн, тэрээһиммитин алгыс тылынан түмүктээтибит.
Сэргэ бэлиэ — баай-талым олоҕу түстүүр, кэнчээри ыччаттарбытыгар сүҥкэн улахан суолталаах, ааспыт кэми эргитэр устуоруйа кэрэһитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: