Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүнэн сэлэлээн хаамтылар. Кыайыы күнүн туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Раиса Николаевна Софронова сырдатта:
— Биһиги нэһилиэкпитигэр үс тыыл бэтэрээннээхпит. 15 сэрии оҕото уонна биир сэрии тулаайаҕа бааллар. Бу өрөгөйдөөх күн Улуу Кыайыы 79 сылыгар нэһилиэк дьоно сэлэлэээн хаамтыбыт, «Георгиевскай лиэнтэ», «Кыайыы түннүктэрэ»аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттан , нэһилиэк дьоно-сэргэтэ түөлбэлэр икки ардыларыгар Кыайыы оһуокайын күрэҕин ыыттыбыт. Маны сэргэ, киэһэ «Кыайыы илдьитэ» диэн аһаҕас микрофон нөҥүө Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан ахтыы буолуохтаах. Ону таһынан бүтүн Арассыыйатааҕы «Кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбин» диэн аахсыйаҕа кыттыһан өйдөбүнньүк чүмэчи уматыыта буолар. Олохтоох дьаһалта, нэһилиэк дьокутааттарын уонна бэтэрээн сэбиэтин ааттарыттан тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар, сэрии тулаайаҕар уонна байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бэлэх нобуордарын туттардыбыт. Ыам ыйын 7-8 күннэригэр Л.Е.Филиппова аатынан Болугур орто оскуолатын түмэлигэр Улуу Кыайыы 79 сылыгар аналлаах Эр санаа уруога ыытыллыбыта. Уруокка О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин эбии үөрэхтээһин «Наследие» куруһуок иитиллэччилэрэ түмэлгэ саҥа ыйаммыт Аҕа дойду сэриитин уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын сырдатар истиэндэлэри кэпсээтилэр. Сэрии кэмин оҕото, тулаайаҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ С.Н.Николаева, өр сылларга «Хоһуун» кулуубу салайбыт А.Г.Филиппов уонна нэһилиэк ыччаты кытта үлэҕэ исписэлииһэ С.И.Филиппова кыттыыны ыллылар. Куруһуок оҕолоро хорсун биир дойдулаахтарбыт тустарынан кэпсээн, хоһоон ааҕан, өйдөбүнньүк венок ууран, бэтэрээннэргэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарбыттара. Маны сэргэ, Амма улууһун баһылыга Степан Николаевич Кузьмин аатыттан бэтэрээннэрбитигэр, сэрии оҕолоругар уонна тулаайаҕар анаан бородуукта нобуорун туттарбыппыт. Маны таһынан педагогическай үлэ бэтэрээнигэр, учууталлар учууталларыгар Светлана Николаевна Николаеваҕа, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнигэр Василий Титович Моисеевка Ытык Сүбэ наҕараадалары бүгүн, Кыайыы күнүгэр туттарабыт.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…