Салгыы
Болугурдар байыастары өйүүр көмө аахсыйа тэрийдилэр

Болугурдар байыастары өйүүр көмө аахсыйа тэрийдилэр

Ааптар:
20.10.2024, 14:30
Бөлөххө киир:

Болугурдар «Үтүө санаа түөлбэтэ» диэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарыгар көмөлөһөр аахсыйаны быйыл иккис төгүлүн ыыттылар, диэн «Амма олоҕо» хаһыат суруйар.

Болугур нэһилиэгэр М.А. Ноговицын аатынан култуура киинэ көҕүлээн, былырыыҥҥыттан олоҕурбут нэһилиэк бүттүүн кыттар «Үтүө санаа түөлбэтэ» диэн аахсыйабыт быйыл иккис төгүлүн ыытылынна. Ол курдук, бу аахсыйаҕа киирбит үп-харчы кыһалҕалаах дьоммутугар барар.

Быйыл СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн кытта тэҥҥэ атыы-эргиэн, көмө аахсыйабытын нэһилиэк түмсүүлэрэ, тэрилтэлэрэ, биирдиилээн дьон кыттыылаах ыыттыбыт. Уопсайа 34 000 солкуобай киирэн, үп-харчы байыаннай дьайыыга сылдьар уолбутугар көмө быһыытынан биир сүбэнэн ыытылынна. Күндү дьоммутугар кыттыбыккытыгар махталбытын тиэрдэбит, бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ.

Евдокия Платонова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: