Болугурдар сапыраапканы уонна тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын туруорсаллар
Амма улууһугар ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы отчуота салҕанар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайар бөлөҕө иккиһинэн Болугур нэһилиэгэр отчуоттаата. Урутаан эттэххэ, тустаах нэһилиэк тыын боппуруостара — тыа хаһаайыстыбата уонна сапыраапка.
Болугур тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олорор нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ. Ол да иһин үгүс ыйытыы, этии киирдэ. “Биһиги тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олорор нэһилиэкпит. Өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар сүөһүлээхпит, сылгылаахпыт уонна кыайан өртүүр кыахпыт суох”, — диэн сааскы өртөөһүн туһунан ыйыттылар. Маныаха Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Ойуур хаһаайыстыбатыгар департаменын салайааччыта Андрей Михайлов: “Бастакытынан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн чинчийии бара турар. Учуонайдар Судаарыстыбаннай Дуумаҕа суруйан, министиэристибэҕэ үп-харчы көрдөөн тураллар. Иккис өттүнэн, өртөөһүн бобуллан турар. Үсүһүнэн, Ойуур пуондатынан уматан ыраастааһын (выжигание) иһинэн Амма улууһугар быйыл 400 гектарга уматан ыраастаныахтаах. Ити, биллэн турар, кыра. Эһиги сиргит иэнэ 2 мөлүйүөн 800 гектар. Тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр итинник уматыы барбат”, — диэн хоруйдаата.
Нэһилиэк олохтооҕо Яков Барабанов: “Ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар, тыа сиригэр үлэлиэн баҕарбат. Манна туох миэрэлэри ылаҕыт?”, — диэн ханна баҕарар сытыытык турар, аҕа саастаах дьону долгутар боппуруоһу ыйытта. Тустаах ыйытыыга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников сиһилии хоруйдаата. “Ханнык баҕарар эйгэҕэ ыччат уонна каадыр тиийбэтэ бэлиэтэнэр буолла. Элбэх оскуола учууталынан хааччыллыбакка олорор, балыыһаҕа эмиэ ол курдук. Мэдиссиинэ института уонна мэдиссиинэ кэллиэһэ (орто анал үөрэх) мэдиссиинэ каадырдарын 35 % эрэ хааччыйар кыахтаахтар. Биһиэхэ элбэх балыыһа, комплекстар бааллар. Уонна сүрүннээн үөрэҕи бүтэрбит исписэлиистэр куоракка тутуллубут баараҕай комплекстарга, балыыһаларга үлэлии киирэллэр”, — диэн эттэ. Онон каадырга былаан ылынан аҕыйах сыл иһигэр үөрэҕи бүтэрээччи ахсаанын элбэтиэхтээхпит диэн эттэ. Онтон тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаан хоруйдууругар: “АГАТУга туттарсар оҕо ахсаана сыллата кыччыы турар. Ол биир сүрүн төрүөтүнэн үөрэх кыһатын материальнай баазата мөлтөҕө буолар. Саҥа, өрөмүөннэммит, саҥа тэрилинэн оскуолаҕа үөрэнэн баран оҕолор төттөрү төннүөхтэрин баҕарбаттар. Бу федеральнай университет. Саҥардыллыбыт бырагыраама үлэлиэхтээх диэн сорук туруордубут уонна тэҥҥэ үлэлэһиэхпит. Үсүһүнэн, дэриэбинэҕэ миэстэтигэр усулуобуйа уонна ситэтэ суоҕун бэйэҕит билэҕит. Билигин федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ даҕаны бырагыраамалар тыа сирин сайдыытыгар туһаайыллар буоллулар. Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыныллыбыта. Манна тирэҕирэн Ил Дархан ыйааҕа бэлэмнэнэ сылдьар. Тыа сиригэр эт-үүт Эрэ буолбакка араас бородууксуйаны, өҥөнү оҥорууга үлэ барар”, — диэн быһаарда.
Итини тэҥэ, олохтоохтор сылгылары күрүөҕэ хааччахтааһын туһунан сокуон тахсаары турар дииллэр диэн ыйыттылар. Маныаха “Сахаагроплем” салайааччыта Алексей Жирков социальнай ситимигэр элбэх киһини долгутар нормативнай-правовой аакталар тарҕаммыттарын, ол эрээри, бу нуормаҕа Саха сирэ хапсыбатын, Татарстан Башкирия курдук сылгыларын көнньүүһүнэҕэ мэччирэтээччилэргэ аналлааҕын эттэ.
Олохтоохтор сылы эргиччи үлэлиир сапыраапканы туруорсаллар, боротокуолга киллэрэргэ этэллэр. Тустаах боппуруоһу хас даҕаны киһи көтөхтө. Сергей Васильевич мунньаҕы түмүктүүр этиитигэр төрдүттэн олохтоох ыйытыылары биэрдигит, этиилэргит, көрүүлэргит киэҥ толкуйдаахтар диэн бэлиэтээтэ. “Сапыраапка боппуруоһун суруннубут. Бу нэһилиэк аайы турар боппуруос буолбатах. Өнньүөс, Болугур, Покровка хайысхатыгар сытыытык турар боппуруос эбит диэн Бырабыыталыстыба таһымыгар өйдөөтүбүт уонна тэрилтэлэри кытта кэпсэтии үлэтин ыытыахпыт”, – диэн эттэ.
Ити курдук хас биирдии ыйытыыга туһааннаах министиэристибэлэр, тэрилтэ үлэһиттэрэ сиһилии уонна олохтоохтор астынар, өйдүүр хоруйдарын биэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: