Боотулууга үһүс төгүлүн куйуур күрэҕэ ыытылынна

Share

Кыһыҥҥы тымныылар ааһаннар саас буолла да, саха төрүт дьарыга куйуур саҕаланар. Маннык ураты балыктааһын көрүҥэ сахаларга эрэ баар. Кэлиҥҥи сылларга бу төрүт үгэһи тутуһан, аны, куйуур күрэҕэ диэн ыытыллар буолла.

Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улууһугар Боотулууга дойдуга биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылынан, Саха сиригэр Оҕо сылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһугар Түмсүү сылыгар, аан дойдутааҕы Уу күнүн чэрчитинэн III төгүлүн «Куйуур» хамаанданан күрэс ыытылынна. Күрэскэ барыта 6 хамаанда кыттынна, ол иһигэр Боотулууттан «Чинэки» (хап. Николаев П.А.), «Саһарҕа» (хап. Догоров П.И.), Көтөрдөөхтөн 1 хамаанда (хап. Тимофеев А.В.), ыаллыы сытар Мэйиктэн 1 хамаанда (хап. Павлов М.), Оҥхойтон 2 хамаанда (1 – хап. Егоров С.В., 2 – хап. Алексеев И.)

Күрэс түмүгүнэн. уопсайа 269,800 кг балык баһылынна. Кэлбит ыалдьыттар былыргы үтүө үгэһи тутуһан, бултарын аҥарын нэһилиэк кырдьаҕастарыгар өлүүлээн бэристилэр.

Күрэс үс түһүмэҕинэн ыытылынна, ол түмүгэр маннык буолла:

I м. Мэйик – олохтоох дьаһалта туруорбут бирииһин ылла (21.000 «Македонтан» сэртипикээт);
II м. Оҥхой 1 хамаандата – Мандаах Дьарааһын оҕолорун бирииһэ (3 болгарка);
III м. Чинэкэ – Данилов П.Ф. аатынан анал бириис (3 утуйар мөһөөччүк);
IV м. Көтөрдөөх – кулууп туруорбут (электрическэй оһоҕо), Титов В.В. (75 ботуруон), Архипов А.А. (гаас билииккэ);
V м. Саһарҕа – 6000 солк. (бильярдистар бириистэрэ);
VI м. Оҥхой 2 хамаандата – 5000 солк. (сылгыһыттар бириистэрэ).

Маны таһынан, туһунан күрэс быһыытынан анньыыһыттар күрэхтэһиилэрэ ыытылынна. Онно иккилии ойбону бириэмэҕэ аллараннар маннык түмүк таҕыста:

I м. – Артур Уйгуров (Маай), көрдөрүүтэ – 11 мүн.17 сөк. Киниэхэ Архипов Н.Д. бирииһэ (болгарка) уонна Данилов П.Ф. аатынан анал бириис «Түргэн ойбон алларааччыга» (гаас билиитэ);
II м. – Марьян Павлов (Мэйик), көрдөрүүтэ 13 мүн.19 сөк. Киниэхэ 4000 солк. бириис;
III м. – Степан Егоров (Оҥхой), көрдөрүүтэ – 14 мүн. 55 сөк. Киниэхэ 2000 солк. бириис;
Куйуур күрэхтэһиитигэр кыттар хамаандалар истэриттэн «Аҕам саастаах куйуурдьут» ааты Прокопий Ильич Догоровка анаан Данилов П. Ф. аатынан анал бирииһи булчут кириэһилэтин туттардылар. Онтон «Эдэр куйуурдьут» ааты Денис Спиридонов ылла (Урбаанньыт Иванов Н.А. бирииһэ).

Саамай улахан собону (ыйааһына 550 г.) «Саһарҕа» хамаанда (хап. Догоров П.И.) баһан таһааран илим бириистэри туттулар.

Күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык, өрө күүрүүлээхтик ааста. Кэлбит ыалдьыттар дуоһуйан, астынан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн. эһиил өссө кэлиэх буолан тарҕастылар. Кулууп, дьаһалта үлэһиттэрэ, көмөлөһөөччү уолаттар эбиэккэ эт миинэ өрөн, итии чэй оргутан кэлбит дьону бары аһатан үөрэн-көтөн дьон-сэргэ махталын ылыахтарын ыллылар диэн Боотулуу нэһилиэгин дьаһалтата иһитиннэрэр.

«Күрэһи өйөөн, бар дьоҥҥо үтүө өйдөбүлү, кэрэни бэлэхтээбит спонсордарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Доруобай буолуҥ!», — диэн нэһилиэк баһылыга Петр Саввинов махталын биллэрэр.

Хаартыска Боотулуу нэһилиэгин дьаһалтатыттан
What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

13 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago