Салгыы
«БООТУР» доброволецтар этэрээттэрин хамандыыра тугу кэпсээтэ?

«БООТУР» доброволецтар этэрээттэрин хамандыыра тугу кэпсээтэ?

Ааптар:
02.11.2022, 09:00
Бөлөххө киир:

«БООТУР» доброволецтар этэрээттэрин хамандыыра Александр Колесов Украинаҕа сулууспатын, сүтүктэрин, тугу ыарырҕаппытын уонна СВО-ҕа бэлэм буоларга туох наадатын туһунан кэпсээтэ.

«Боотур» диэн этэрээккэ хамандыырынан барбытым. Онно саамай ыарахана миэхэ, дьон туһугар эппиэтинэс. Биһиги тэрээһиммит бэс ыйыттан саҕаламмыта. Ыйтан ордук этэрээт хомуллубута. Ол аата, барар дьону түмпүппүт. Ростовка тоҕус уонча киһи буолан тиийбиппит. Онтон биһигини хантараак баттаабыппыт кэнниттэн, полигоҥҥа дьарыктыы илдьибиттэрэ. Онно түөрт хоммуппут. Ол кэнниттэн биһиэхэ дьон эбэннэр, сүүсчэкэ буолбуппут. Приморьеттан уонна Магадантан уонча киһи баар этэ.

Биһигини атырдьах ыйын түөрт күнүгэр Харьков куорат аннынан киллэрбиттэрэ. Харьковтан сүүрбэ килэмиэтирдээх сиргэ турбуппут. Үс нэһилиэнньэлээх пууну ыламмыт бары хайдыһан арахсан, сулууспабыт оннук саҕаламмыта. Эппитим курдук, биһигиттэн Харьков сүүрбэччэ килэмиэтир, онтон анараалар биһигиттэн үс сүүс миэтэрэттэн саҕалаан сытар сирдэрэ баара. Аан дойдуттан арҕаа омуктар биэрбит сэрии сэптэрэ нацистарга элбэх. Олору тутталлар. Саамай күүскэ артиллерия үлэлиир. Кэтэспэтэх өттүгүттэн кэлэн хаһан баҕарар түһэр.  Күнүс да буолуон сөп, түүн да буолуон сөп. Онон олох бары  бэлэм  сылдьыахтаахпыт. Киһи сэрэхтээх буолуохтаах. Ол гынан баран,  наар оннук сэрэхтэн, наар оннук күүрэн баран сылдьыыттан, киһи этэ-сиинэ сылайан хаалар. Бу үс ый иһигэр биһиги этэрээппититтэн  аҕыс киһи суорума суолланна. Онтон биир уолбут Харьков хайысхатынан турар сирбитигэр бааһыран киирбитэ уонна хас да хонон баран, госпитальга тыына быстаахтаабыта.

Онтон балаҕан ыйын 24  күнүгэр биһиги  турар сирбитигэр нацистар күүскэ тоҕо анньан киирбиттэрэ. Күнү быһа күүстээх утарсыы буолбута. Хомойуох иһин, биһиги  бииргэ сылдьар уолаттарбытыттан сэттэ киһи суорума суолламмыта.  Ити биир күн иһигэр. Ол гынан баран, биһиги биир дойдулаахтарбыт бары, биир да киһи толлубакка, хорсуннук, харса суох киирсэммит уоту ол  күн тохтоппуппут.

Элбэх киһибит дойдуларыгар тиийбиттэрэ. Биһиги этэрээппитигэр дойдубут олохтоохторо, волонтердар, Ил Дархаммыт, Бырабыыталыстыбабыт отой күүскэ көмөлөстүлэр. Маннык элбэх көмө кэлэн, элбэх киһи олоҕун быыһаата. Тепловизордар, массыыналар. Ол массыыналарынан биһиги бааһырбыт уолаттарбытын эвакуациялыыр этибит.  Дьоммут өйөбүллэрэ, ыытар таҥастара-саптара, сылаас таҥастара элбэҕин атын эрэгийиэннэртэн сылдьар уолаттар сөҕөллөр. Ити көмөнү биһиги сүрэхпитинэн, өйбүтүнэн-санаабытынан өйдүүбүт. Ити биһиэхэ күүс-көмө буолар. Инники сылдьар киһиэхэ дойдугуттан суруктар, баһыылкалар кэлэллэр. Суругу аахтаҕына киһи күннээҕи кыһалҕата арыый чэпчээбиккэ, сымнаабыкка дылы буолар.

Билигин бастатан туран,  киһи сэниэтэ баран хаалар эбит. Ону көннөрүөххэ, эти-сиини чөлүгэр түһэриэххэ наада. Уонна барар уолаттары кытары күүскэ үлэлэһиэххэ наада. Төттөрү барыы туһунан эттэххэ, кэмэ кэллэҕинэ, мин көмөм ирдэнэр буоллаҕына, барыахха сөп».

Сиһилии «Саха» НКИХ https://t.me/nvk_sakha/9496 киирэн көрүҥ/

Хаартыска СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: