Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн барбыт Пижон диэн аатынан биллэр биир дойдулаахпыт билигин бааһыран, Арассыыйа биир госпиталыгар эмтэнэ сытар. Кини СИА-ҕа биэрбит интервьютуттан кылгатан таһаарабыт.
Байыаннай сулууспалаах Пижон номнуо хаһыс да сылын хантараагынан сулууспалыыр. Кини байыаннай эпэрээссийэҕэ туох санааттан барарга санаммытын туһунан кэпсээтэ.
— Аармыйа кэккэтигэр 2003-2005 сылларга сулууспалаабытым. Ол кэннэ, 2009 сыллаахха, хантараагынан сулууспалыы барбытым. Сэттэ ый устата Кавказка сылдьыбытым. Итиннэ бойобуой уопуту ылбытым. Байыаннай буолар санаа дьиҥэ суоҕа. Ол эрээри олох оҥоһуута маннык суолунан ыыттаҕа. Байыаннай эпэрээссийэҕэ өй-санаа күүһүнэн барарга быһаарыммытым. Мин «Боотур» бөлөх бастакы этэрээтигэр баарым. Кыһын хайдах эрэ түргэн соҕустук кыайыахпыт дии саныырым. Сааһыары балаһыанньа уустугуран барбыта. Онон көмөлөһүөххэ наада диэн санаа киирбитэ. Хантараагынан сулууспалыы бараары гыммыппар быраастар хамыыһыйалара миигин доруобуйабынан сыыйбыта. Ити кэмҥэ Александр Колесов баҕалаахтары хомуйар үһү диэн сураҕы истибитим. Онно быраас эҥин хамыыһыйата суох тута ылаллар. Дьиэ кэргэним быһаарыныыбын өйөөбүтэ.
— Украинаҕа сэрии ахсыс сылын барар. Атаҕым иҥиирин бааһырдан эмтэнэ киирбитим. Онно сытан Луганскай уолун кытта билсибитим. Ол уол 2014 сылтан сэриилэһэр. Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьан дьоммун-сэргэбин, дьиэбин саныы сатаабат этим. Туруоруммут сыалы ситиһэр эрэ санаалааҕым. Тоҕо эрэ өлөртөн олох куттаммат этим. Туохтааҕар да эчэйииттэн, бааһырыыттан уонна билиэн түбэһэртэн куттанарым. Киһи куттанарын кыайыахтаах. Биирдэ бойобуой дьайыыга сылдьан баран, киһи иккистээн барыан баҕарар. Судаарыстыба көмөтө үрдүк таһымнааҕын бэлиэтиэм этэ.
Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…