«Боотур» этэрээт байыаһа төрөөбүт Сахатын сиригэр кэллэ
Саха сирэ бэйэтин дьоруойдарын көрсөр диэн суруйар СИА Мария Архипова. «Боотур» этэрээтин өссө биир байыаһа төрөөбүт сиригэр-уотугар эргиллэн кэллэ. Кини эчэйиилээх да буоллар сулууспалаабыт уонна байыастар төгүрүктээһинтэн тахсалларыгар көмөлөспүт диэн суруйар кэрэспэдьиэн.
Бүгүн, нэдиэлэ иккис күнүгэр, сарсыарда Дьокуускайга «Боотур» этэрээт байыаһа Георгий Федоров кэллэ. Кини от ыйыгар бэйэтин баҕатынан суруттарбыт, байыаннай сибээскэ сулууспалаабыт. «Икки ый сулууспалаатым. Анаммыт сиргэ тиийэн баран бэлэмнэниини барбытым. Биһиги этэрээппит бэйэтин үчүгэй бэлэмнээҕин көрдөрдө дии саныыбын. Эчэйиини миинэ эстибитигэр ылбытым. Онуоха диэри сибээскэ үлэлээбитим. Билигин этэҥҥэбин. Ийэ дойдубар кыаҕым баарынан көмөлөстүм», — диэн кэпсээбит.
Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын чугас дьоно, доҕотторо, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларын иитиллээччилэрэ көрсүбүттэр.
«Георгий эчэйиини ылан да баран, сулууспатыгар сылдьыбыта. Төгүрүктээһинтэн тахсыыга көмөлөспүтэ. Кинини РФ судаарыстыбаннай наҕараадатыгар түһэрбиттэрэ. Георгий дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбититтэн үөрэбин», — диэбит бойобуой доҕоро.
Георгий Федоровы СӨ Тырааныспар уонна суох хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев көрсүбүт. Кини бырабыыталыстыба эргиллэн кэлбит СВО байыастарыгар көмөнү ылалларыгар улахан болҕомтотун уурарын эппит. Бары чөлгө түһүү кууруһугар сылдьыахтарын уонна дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл эмиэ баар буолуоҕун бэлиэтээбит.
CИА
Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: