«Боотур» этэрээт байыаһа төрөөбүт Сахатын сиригэр кэллэ

Share

Саха сирэ бэйэтин дьоруойдарын көрсөр диэн суруйар СИА Мария Архипова. «Боотур» этэрээтин өссө биир байыаһа төрөөбүт сиригэр-уотугар эргиллэн кэллэ. Кини эчэйиилээх да буоллар сулууспалаабыт уонна байыастар төгүрүктээһинтэн тахсалларыгар көмөлөспүт диэн суруйар кэрэспэдьиэн.

Бүгүн, нэдиэлэ иккис күнүгэр, сарсыарда Дьокуускайга «Боотур» этэрээт байыаһа Георгий Федоров кэллэ. Кини от ыйыгар бэйэтин баҕатынан суруттарбыт, байыаннай сибээскэ сулууспалаабыт. «Икки ый сулууспалаатым. Анаммыт сиргэ тиийэн баран бэлэмнэниини барбытым. Биһиги этэрээппит бэйэтин үчүгэй бэлэмнээҕин көрдөрдө дии саныыбын. Эчэйиини миинэ эстибитигэр ылбытым. Онуоха диэри сибээскэ үлэлээбитим. Билигин этэҥҥэбин. Ийэ дойдубар кыаҕым баарынан көмөлөстүм», — диэн кэпсээбит.

Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын чугас дьоно, доҕотторо, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларын иитиллээччилэрэ көрсүбүттэр.

«Георгий эчэйиини ылан да баран, сулууспатыгар сылдьыбыта. Төгүрүктээһинтэн тахсыыга көмөлөспүтэ. Кинини РФ судаарыстыбаннай наҕараадатыгар түһэрбиттэрэ. Георгий дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбититтэн үөрэбин», — диэбит бойобуой доҕоро.

Георгий Федоровы СӨ Тырааныспар уонна суох хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев көрсүбүт. Кини бырабыыталыстыба эргиллэн кэлбит СВО байыастарыгар көмөнү ылалларыгар улахан болҕомтотун уурарын эппит. Бары чөлгө түһүү кууруһугар сылдьыахтарын уонна дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл эмиэ баар буолуоҕун бэлиэтээбит.

CИА

Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаарга Олоҥхо балаҕана аһылынна

Сунтаар -- Олоҥхо дойдутугар аны Олоҥхо балаҕана аһылынна. Наталья, Эдуард Эконовтар дьиэ кэргэттэрэ бу сайын…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Ыйыт - хоруйдуубут

СҮБЭҺИТ: Оҕону ааҕарга хайдах үөрэтэбит?

Аныгы үйэҕэ оскуола саастаах оҕо кинигэни аахпата улахан кыһалҕаҕа кубулуйда. Баҕа өттүнэн оскуола таһынан ааҕар…

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Горнайга түөрт киһи суол быһылааныгар эмсэҕэлээтэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 5 түбэлтэтэ тахсыбыта бэлитэннэ, бу дьыалаларынан бэрэбиэркэ ыытылынна уонна холуобунай…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн – Хомус күнэ

Сыл аайы сэтинньи 30 күнүгэр Саха сиригэр Хомус күнэ бэлиэтэнэр. Чопчу бу күн 1990 сыллаахха…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Хомус күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин!…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

ХОМУС КҮНЭ: Учуутал уонна үөрэнээччи тус кэллиэксийэлэрэ

Хомус күнүнэн саха хомуһун чинчийээччи, үөрэҕин тарҕатааччы, СӨ култууратын туйгуна Антонина Никитина уонна кини үөрэнээччитэ,…

3 часа ago