«Боотур» этэрээт байыастарын байыаннай дьайыыга атаардылар
Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр Саха сириттэн «Боотур» этэрээт байыастара туруннулар. Кинилэри Афганистан сэриитин бэтэрээннэрин Арассыыйатааҕы сойууһун Саха сиринээҕи бэрэссэдээтэлэ Валерий Лютай уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин Саха сиринээҕи кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилина атаардылар.
«Эрдэ сулууспалаабыт саллаат быһыытынан сүбэ биэриэхпин баҕарабын, саамай сүрүнэ — бэрээдэги умнумаҥ, хамандыыры истиҥ уонна бэйэ-бэйэҕитин өйөөҥ. Бииргэ тутуһан сылдьыҥ. Бары чөл туруктаах эргиллэн кэлэргитигэр баҕарабын. Бу барыта биһиги кыайыыбытынан түмүктэниэҕэ», — диэн байыастарга Валерий Лютай эттэ.
Байыастар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан тэриллибит «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи филиалын үлэһиттэрин кытта көрүстүлэр. Марина Бахилина пуонда олус суолталаах уонна туһалаах үлэни ыытарын бэлиэтээн эттэ. Пуонда эргиллэн кэлбит саллааттарга туох баар көмөнү оҥорорго тирэх буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: