«Боотур» киин бойобуой дьайыыга бэлэмниир
Быстах байыаннай хомуурга барааччылары бэлэмниир«Боотур» эрчиллэр, үөрэтэр киини «Братство краповых беретов» бэрэссэдээтэлэ, бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт уолаттар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Олег Аммосов сүрүннүүр. Бүгүн кинини кытта кэпсэттибит.
– Билигин дойду үрдүнэн уустук балаһыанньа турар. Суһал быстах хомуур саҕаламмытыгар дьон-сэргэ бэлэмэ суох буолан, араастык ылынна. Онуоха эһиги «Боотур» диэн бойобуой дьайыыларга бэлэмниир киини арыйан, баҕа өттүлэринэн байыаннай хомуурга барар дьону бэлэмнээн эрэҕит.
– “Боотур” диэн байыаннай эрчиллии, үөрэтэр киини тэрийии идиэйэтэ биһиэхэ быдан эрдэ, Украинаҕа байыаннай дьайыылар саҕалана иликтэринэ киирбитэ. Кииммит бойобуой дьайыыларгасылдьыбыт бэтэрээннэр сэбиэттэрин быһаарыытынан, былырыын сэтинньигэ тэриллибитэ. Араас хайысхаҕа дьону дьарыктыыр инструктордарбыт бары Москваҕа “Витязь” диэн анал үөрэтэр кииҥҥэ бэлэмнэниини ааспыттара. Манна үөрэммит уолаттар бары Сирия, Чечня, Украина, Грузия бойобуой дьайыыларыгар сылдьыбыт дьон. «Боотур» үөрэтэр кииммитигэр биһиги баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга барааччылары бэлэмниибит. Маннык бэлэмнэнии хайаан да наада. Хайалаах, тыалаах сиргэ уонна куорат сиригэр байыаннай дьайыыга хайдах сылдьарга үөрэтэбит.
– Бу киини тэрийиигэ туохха тирэҕирбиккитий, үп-харчы кыһалҕатын хайдах быһаарбыккытый?
– Биһигини өрөспүүбүлүкэбит дьаһалтата уонна Уопсастыбаннай палаата өйөөбүтэ. Ол курдук, билигин добровольческай ыстааппыт үлэлии турар. Биһиги сүрүннээн баҕа өттүнэн байыаннай хомуурга барар дьону дьарыктыыбыт. Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, биһиги, бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт уолаттар, ассоциациялаахпыт. Ол ассоциациябыт хас да түмсүүттэн турар. Бу манна сааһыттан тутулуга суох, Украинаттан кэлбит уолаттар эмиэ киирэллэр. Бэрэссэдээтэлбит Иван Петрович Черкашин буолар. Мин кини солбуйааччыта буолабын. Ону сэргэ “Братство краповых беретов” диэн түмсүүлээхпит. Биһиги, краповай береттэр, аҕыйахпыт. Билигин уолаттарбыт үксүлэрэ спецподразделениеларга бааллар. Ол да буоллар, уолаттарбытыгар сүбэ-соргу, күүс-көмө буоларга кыһанабыт. Бары бииргэ тутуһан сылдьабыт.
– Олег, бэйэҥ ханнык бойобуой дьайыыларга сылдьыбыккыный?
– 2000-c сылларга Хотугу Кавказка хантараагынан сулууспалаабытым. Ол сылдьан ыараханнык бааһырбытым. Сыл устата госпиталга сыппытым. Ити кэннэ өссө алта сыл салгыы сулууспалаабытым. Билигин иккис группалаах инбэлииппин. Сахам сиригэр кэлэн баран Дьокуускай куорат 30 №-дээх оскуолатыгар оҕолору байыаннай бэлэмнэниигэ дьарыктыырым, уопсастыбаннай үлэҕэ кыттарым.
– “Боотур” эрчиллэр, үөрэтэр кииҥҥитигэр суһал байыаннай хомуурга эрэ барааччылар сылдьаллар дуо?
– Кииммитигэр уонча араас үөрэх кыһатын устудьуоннара кэлэн байыаннай эстэпиэтэҕэ кыттыбыттара. Бу тэрээһини Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта кыттыгас тэрийбиппит. Онон инникитин бу устудьуоннары кытта салгыы бииргэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Түгэнинэн туһанан, биһиги “Боотур” эрчиллэр, үөрэтэр Кииммитигэр үлэлэһэр доҕотторбутун хайаан даҕаны бэлиэтээн аастахха табыллар. Ол курдук, Иван Иванович Данилов, «Офсет» тэрилтэ салайааччылара Дария уонна Алексей Скобелевтар, СӨ Аҕаларын лигата, Дьокуускай куораттааҕы Аҕалар сэбиэттэрэ биһигини өйүүллэр, бииргэ үлэлэһэллэр. Ону сэргэ, Уопсастыбаннай палаататтан Николай Дмитриевич Бугаев фроҥҥа сылдьар боотурдарбытыгар Саха сирин аатыттан хаста даҕаны көмө тиэрдэ, кинилэри көрсө тиийэ сырытта. Онон киниэхэ эмиэ түгэнинэн туһанан махталбытын тиэрдэбит. Үлэлиир баазабыт ОДьКХ-тын төлөбүрүн, аптамааттары, атын да тэриллэри ити көмө оҥорор табаарыстарбыт, тэрилтэлэр көмөлөрүнэн уонна үөрэтэр киин буолан ассоциациябыт аатыттан суруктары суруйан булабыт, бэйэбит эмиэ сүүрэбит-көтөбүт. Ол курдук, баазабытыгар субуотунньугу эҥин бэйэбит тэрийэбит. Бу соторутааҕыта суунар хос (душ) оҥоһуллан бүттэ.
– Дьон билиҥҥи уустук балаһыанньаны дьэ өйдөөн эрэр. Дьон-сэргэ долгуйар, айманар да диэххэ сөп. Бу туһунан эн тус санааҥ .
– Бары сахабыт дьонун-сэргэтин, ийэлэри бойобуой суолу ааспыт уолаттар ааттарыттан, сахабыт боотурдарыгар өй-санаа өттүнэн күүс-көмө буолуоҕуҥ диэн ыҥырабыт. Байыаннай хомуурга барбыт уолаттарбытын уйулҕа, өй-санаа өттүнэн өйүөҕүҥ. Биһиги«Боотур» кииммитигэр Украинаттан, байыаннай дьайыыттан кэлбит уолаттар баҕа өттүнэн барар уолаттарбытыгар сүбэлээн-амалаан, антах балаһыанньа хайдаҕын кэпсээн, өй-санаа өттүнэн көмөлөһөллөр, тирэх буолаллар. Түгэнинэн туһанан, ким баҕалаах, интэриэһиргиир биһиэхэ сибээскэ тахсыҥ, үөрэтэр кииммитигэр кэлэн бойобуой тактикаҕа үөрэниҥ диэн ыҥырыам этэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: