Салгыы
Боотур Уустар бэлэхтэрэ

Боотур Уустар бэлэхтэрэ

Ааптар:
15.07.2024, 10:15
Хаартыска ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

“Боотур Уустан Ил Дархан” кинигэ быйыл, 2024 сылга, “Ил Дархан из Боотур Уус” диэн нууччалыы тылынан тылбаастанан, Новосибирскай куоракка “ДЕАЛ”    издательствоҕа бэчээттэнэ сылдьар.

Соторутааҕыта, чурапчылар бэчээттэтэн таһаарбыт, икки халыҥ тастаах, сиэдэрэй оҥоһуулаах кинигэлэрин булан аахтым. Бастакыта “Барҕа махтал Чурапчы дьонуттан” диэн Бастакы Бэрэсидьиэн М.Е.Николаевка махтал, таптал тыллардаах, иккиһэ — “Боотур Уустан Ил Дархан” диэн өрөспүүбүлүкэбитигэр баһылыктаабыт Е.А.Борисов үбүлүөйүнэн сибээстээн, аймах-билэ дьоннорун, төрөөбүт төрүт түөлбэтиттэн доҕотторун-атастарын истиҥ-иһирэх суруйуулардаах, дьоһун айымньылар эбиттэр. Мин бу кинигэлэри олус сэргээн, таттаран, умсугуйан туран, этэргэ дылы, биир тыынынан ааҕыталаатым. Тоҕо диэтэххэ, бу икки бөдөҥ салайааччылары балайда үчүгэйдик билэр, ытыктыыр, сүгүрүйэр дьоннорум. Мин эрэ буолуо дуо, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо кинилэр үлэлэрин-хамнастарын сыаналаан, үрдүк дуоһунастарга итэҕэйэн, быыбардаабыттара да элбэҕи этэр. Иккиһинэн, университеты бүтэрэн баран, икки төгүрүк сыл устата Чурапчыга тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээн-хамсаан, элбэҕи билбитим-көрбүтүм, олох уустук оскуолатын манна саҕалаабытым. Онон, элбэх доҕоттордоох эдэр сааһым күөгэйэр күннэрэ онно ааспытынан, сороҕор Чурапчыны иккис төрөөбүт дойдубунан ааҕынабын. Бу өрүү кэриэтэ сут-кураан аргыстаах, “оттуун-мастыын нарын-намчы” айылҕа саамай уустук усулуобуйатыгар олорор-үлэлиир дьон сэмэйдэринэн, ыалдьытымсахтарынан уонна олус үлэһит дьоҕурдаахтарынан аатыраллар. Ити, арааһа, түҥ былыргы өбүгэлэрэ Боотур Уустартан утумнаппыт үтүөкэн хаачыстыбалара буоллаҕа. Удьуоргут өссө уһаан, тэнийэ турдун!

Айымньылары ааҕа олорон, үгүс билэр дьоннорбунуун субу аҕай көрсүбүт, сэһэргэспит курдук сананным. Арай кэм-кэрдии ааһан, сорохтор олохтон да туораахтаабыттар, атыттар бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор эбит да, аныгы сиэринэн уопсастыбаннай үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттан, үлэлээн үлүмнэһэ сылдьаллар, оттон ким  эрэ кэтэх хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Тыа сиригэр олох-дьаһах хаһан чэпчээбитэ баарай?! Ону ол диэбэккэ, хоһуун сүрэхтээхтэр, уостубат дьулуурдаахтар үлэни өрө туталларын ордорон, оҕолоругар-сиэннэригэр көмө-тирэх буолалларын бу суруйуулартан ааҕан итэҕэйэҕин. Үгүс ааптардары билэттиир эбиппин. Холобура, улаханнык ытыктанар, саха биллиилээх суруйааччылара В.С.Яковлев-Далан, В.Н.Егоров-Тумарча, С.А.Попов-Тумат, талааннаах худуоһунньук А.П. Мунхалов, аатырбыт тустуук В.П.Карпов, учуонайдар У.А.Винокурова, М.М.Яковлев, В.П.Ноговицын, улуус баһылыктара А.А.Шадрин, И.Н.Аммосов, А.Т.Ноговицын, спорт салайааччыта М.Д.Гуляев, сыппаабат сытыы бөрүөлээх бойобуой суруксут дьон, аймахтара, доҕотторо, кэллиэгэлэрэ, о.д.а. элбэхтэр.

Кинигэ ис хоһоонугар уһуу-тэнийэ барымыым. Аахтаххытына билиэххит. Чурапчылар, “Маарыкчаан ыччаттара” да диэххэ сөп, маладьыастар! Дьэ, дьикти. 90-с сылларга ырыынакка киириигэ кинилэр, баҕар сорох улуустардааҕар  элбэх эрэйи, кыһалҕаны да көрсүбүт буолуохтарын сөп. Ол да буоллар, оччотооҕу бэрэсидьиэни сирэй-харах анньыбакка, үөһээттэн соҥнонуллубут укулаат уларыйыытын кэмигэр урутаан өйдөөннөр, үлэлэрин-хамнастарын сөпкө дьаһаммыттар. Хомойуох иһин,  оччолорго да, кэлин да Михаил Ефимович үтүө аатын түһэрэ сатаан, баһааҕырдар, хаҕыс тыллары ыһыктар дьон, суох буолбатахтар. Итинник түгэн туһунан Вячеслав Карпов бу курдук суруйбут: “Михаил Ефимович, сороҕор онно суоҕунан саҥарыллар да түгэнигэр, киэҥ көҕүстээҕин, тулуурдааҕын бэркиһиибин”, түмүгэр — “Мин Михаил Ефимовиһы саха норуотун чулуу дьонун М.К.Аммосовы, П.А.Ойуунускайы, А.Е.Кулаковскайы — Өксөкүлээх Өлөксөйү кытары биир кэккэҕэ туруорабын уонна үгүс саха дьонун санаата оннук буолуо диэн эрэл санаалаахпын”, — диэн бэлиэтээбит. Улуус баһылыга Андрей Ноговицын: “М.Е.Николаев бэрэсидьиэнниир кэмигэр бары өттүнэн уустук балаһыанньалаах, хоту көһөрүллүүгэ эмсэҕэлээбит биһиги улууспутугар ураты болҕомтотун ууран үлэлээбитин уонна күн бүгүнүгэр биһиги үлэбитин кэтээн көрөрүн, бары өттүнэн өйүүрүн астынабыт, киэн туттабыт”. Иван Пономарев:  “… кини олохпут биир саамай тосту өҕүллүүлээх, дьалхааннаах кэмигэр өрөспүүбүлүкэтин, сахатын норуотун туһугар турууласпыта, туппута, оҥорбута элбэҕинэн, далааһыннааҕынан, кини аата саха омуга баарын тухары умнуллубатыгар, үйэлэргэ тиийэригэр толору эрэнэбит”. Дьэ, итигирдик, ааҕан бара туруохха сөп. Олохтон ылыллыбыт чахчылар.

Оттон Егор Афанасьевичка туһаайыллыбыт элбэх махтал, иэйии, таптал, инникигэ эрэнэр биһирэмнээх этиилэри бэйэҕит ааҕан итэҕэйиэххит. Арай Михаил Ефимович суруйуутуттан быһа тардан аҕалабын: “Егор Афанасьевич мин позициябын куруук өйдүүр, өйүүр… Республика аграрнай хайысхатын сайыннарыыга, государственноһын бөҕөргөтүүгэ чопчу этиилэрдээх буоларын умнубаппын. 1992 сыллаахха, Е.А.Борисов Саха Республикатын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан анаммыта. Бу дуоһунаска кини 1998 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын таһынан кини эргиэн, транспорт, сибээс курдук уустук үлэ хайысхаларын салайбыта… Өссө биир чахчыга тохтуом этэ. Саха АССР уонна Саха Республиката баалларын тухары Норуодунай Хамыһаардар Сэбиэттэрин, Миниистирдэр Сэбиэттэрин уонна Саха Республикатын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэллэринэн 28 киһи үлэлээбит, Былатыан Ойуунускайтан саҕалаан. Бу дэгиттэр салайааччылар ортолоругар Егор Афанасьевич Бырабыыталыстыбаны уһун кэмҥэ салайбытынан үһүс миэстэҕэ турар…”. Дьэ, ити курдук, Бастакы Бэрэсидьиэн улахан сыанабылы быспыт эбит. Уопсайынан, Егор Афанасьевич,  оҕо эрдэҕиттэн саҕалаан, билиҥҥи үлэлии-хамсыы сылдьар кэмигэр тиийэ олоххо көстүтэлиир араас түгэннэр бэркэ диэн эриэ-дэхситик арыллыбыттар. Иһирэх тыллар элбэхтэр.

Дьэ, аны бу кинигэлэр оҥоһуллан, таҥыллан, бэчээттэнэн тахсыыларыгар тохтуоххайыҥ. Кырдьыга да, эҥин-араас ахтыылары, эгэлгэ суруйуулары бука барыларын хомуйан, дьаарыстаан, сааһылаан, литэрэтиирэ халыыбыгар киллэрэн оҥорууга суруйааччы П.П.Федоров-Сомоҕо бэрт элбэхтик сыраласпыта көстөр. Павел Петрович бэйэтэ тыа сиригэр олорорунан да, чиҥ бириинсиптээҕинэн, эппиэтинэһи да дириҥник өйдүүрүнэн, олус бэрээдэктээҕинэн уратыланар суруйааччы быһыытынан, туруоруммут сыалын-соругун чахчы-бааччы ситиспит эбит диэн сыаналаатым. Итини биһиги, наука үлэһиттэрэ, эҥинэ хомуурунньуктары таҥан таһаарыыга элбэх эриири-мускууру билбит буоламмыт, ис сүрэхпиттэн этэбин. Аны бу бэртээхэй бэлэхтэри оҕо курдук бүөбэйдээбит, кинигэни аныгылыы, бөҕө-таҕа халыҥ тастаах, ойуулаах-мандардаах, хаартыскалары көмпүүтэринэн тупсаран, орун-оннуларыгар дьүөрэлээн киллэһиктээн, уу тэстибэт гына эрэдээксийэлээн таһаартарбыт, оччотооҕу  “Бичик” — Семен Новгородов аатынан кинигэ кыһатын иллээх кэлэктиибигэр туспа барҕа махтал тылларын этиэх тустаахпыт. Дьиҥэ да “Бичик” (“Айар”) кинигэ кыһатын үлэтэ кэлин сылларга лаппа тупсан, араас  таһымнаах куонкурустарга, дьаарбаҥкаларга кыттан, өрүү кыайыы-хотуу, ситиһии көтөллөөх кэлэллэрин дьон-сэргэ астынар, биһириир буолбута кэрэхсэбиллээх. Ити биһиги үүнэн-сайдан иһэрбит туоһута.

Түмүкпүтүгэр этэбин: “хатыҥнардаах-чараҥнардаах, хампа күөҕэ  алаастардаах, оттуун-мастыын нарын-намчы”  дойдулаах Боотур Уус удьуордарыгар Уруй-Айхал буоллун! Өссө да үгүһү, үйэлээҕи, үтүөнү-мааныны, кэрэни, кэскиллээҕи айа-тута, сайыннара олоруҥ, күндү доҕотторуом! Дом!!!

Василий ДАРБАСОВ,

бэрэпиэссэр,  СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ,

Государственнай бириэмийэ лауреата.

2014 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: