“Боотурдар”  суордаахтарга махтаннылар

Share

Дьааҥы улууһун Суордаах олохтоохторо хомуурга барбыт байыастарга бэйэлэрин кыахтарынан көмөлөспүттэр. 

Дьааҥы улууһун Суордаах олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кытталлар. Быйыл бэйэлэрэ төһө да ууга баран, улахан кыһалҕаны көрсө сылдьыбыттарын үрдүнэн, тэрээһиннэртэн туора турбаттар. Нэһилиэк олохтоохторо  соторутааҕыта 34850 солкуобайы хомуйан, РФ Бэрэсидьиэнин Владимир Путин ыйааҕынан быстах хомуурга барбыт байыастарга анаан итии ис таҥас, атах таҥаһын угуньатын, наскыны, бэргэһэни атыылаһан туттардылар. Харчыны хомуйууга Суордаахтааҕы норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Анна Стручкова көмөлөстө.

Ол иһин, “Боотур” байыаннай-патриотическай иитии киинин салайааччыта Иван Петрович Черкашин суордаахтарга махтал суругун туттарда.

Дьаһалта баһылыга Владимир Стручков этэринэн, нэһилиэктэн үс эдэр киһи анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар. Игирэ бииргэ төрөөбүт Андрей уонна Аркадий Старостиннар иккиэн баҕа өттүлэринэн, Феофан Чукров анал эпэрээссийэҕэ кытталлар. Старостиннар ийэлэрэ барахсан 8 оҕо ийэтэ, 80 саастаах Александра Михайловна уолаттарын алгыы хаалаахтаабыт. Хомойуох иһин, Андрей Старостин миинэҕэ түбэһэн, Санкт Петербурга госпитальга эмтэнэ сытар.

Хомуурга ыҥырыллыбыттарга дьаһалта 100 тыһ. солк. көмөнү биэрбит. Нэһилиэк олохтоохторо уолаттар этэҥҥэ эргиллэллэрин күүтэллэр.

Өссө “Суордаахтааҕы норуот айымньытын дьиэтэ “ уонна нэһилиэк дьахталларын сэбиэтэ #МыВместе аахсыйаҕа кыттыһан, дьаарбаҥка тэрийбиттэрэ. Дьаарбаҥкаттан киирбит 8100 солкуобайы Феофан Чукровка ыыппыттар.

Хаартыскалар нэһилиэк дьаһалтатын тиксэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

3 часа ago