Борис Неустроев — Мандар Уус: «Саха сирэ кэнники биэс сылга сайынна»
Ыам ыйын 29 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнин кытары көрсөн өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын, инники кэскилин туһунан кэпсэппитэ. Ол туһунан тимир ууhа, ойууhут Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус санаатын үллэстэр:
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев салайар кэмигэр Саха сирэ кэнники биэс сылга сайдыытын, куораттарга, улуустарга элбэх социальнай, култуурунай тутуулар тутуллубуттарын, суол-иис оҥоһуллубутун, олох-дьаhах таhыма үрдээбитин сөҕө көрөбүн. Түмсүү – төлкө төрдө буоларын олох бэйэтэ бигэргэттэ.
Мин кырыы сытар нэhилиэгим бу сылларга балысханнык сайынна. Уhуйаан таас дьиэлэннэ, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таhаарар «Баай Ас» тэрилтэ үлэтэ-хамнаhа ыраахха билиннэ, ыал туруктаах буолла, «Мандар Уус» этнологическай музей комплекс, Туос Моҕол ураhа үлэтин саҕалаата.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Салайааччытын быhыытынан Айсен Сергеевич хас биирдии нэhилиэккэ болҕомтотуттан, ылыннарыылаах дьаhалларыттан астынабын. Таатта Баайаҕата духовность көмүс уйатынан, саха норуотун киэн туттуутунан буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: