Борис Павлов-Кэм Василий Белов аатынан бириэмийэ лауреатынан буолла

Share

Суруналыыс, бэйиэт, суруйааччы Борис Павлов-Кэм Арассыыйа суруйааччыта уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Василий Белов аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэ лауреата буолбутун туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ.

Ол курдук, Борис Иванович Павлов-Кэм Суруйааччылар интернациональнай сойуустарын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Г.Н.Березина, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Е.С.Наливина илии баттааһыннаах дипломунан наҕараадаланна.


Үгүс ааҕааччы сүргэтин көтөҕөр айымньылардаах айанньыт-суруйааччы, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта, «Кэм» сурунаал эрэдээктэрэ  Борис Павлов-Кэм айар үлэтин литератураны таптааччылар кэтээн көрбүттэрэ, соһуйа уонна сэргии ылыммыттара быданнаата.

Бу кэнники кэмҥэ нууччалыы тылбаастаммыт «Не предать время свое» кинигэтэ 5000 ахсаанынан Арассыыйа куораттарыгар тарҕанна уонна «Литресскэ» бэчээттэннэ. Кинигэҕэ ааптар араас сылларга суруйбут кэпсээннэрэ уонна «Кэмҥин түһэн биэримэ» сэһэнэ киллэриллибиттэр. Кинигэни  Аита Шапошникова, Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду уонна Семен Феоктистов-Сэргэх Сэмэй тылбаастаабыттар.


Бу улахан бириэмийэни ылбытын туһунан ааптар бэйэтэ: «Мин бириэмийэм — «Кэмҥин түһэн биэримэ» диэн. Бэйэ аатын-суолун туһугар диэн буолбакка, ааспыт кэмим, көлүөнэм, эрэммит эрэлбит, ыра санаабыт, доҕордоспут доҕотторум, охсуспут охсуһуубут… Көлүөнэм дьонун, олохпут кырдьыгын үйэтитии уонна көмүскээһин. Ол иһин, бу Москубаҕа тиийэ ааттаммытым миэхэ олус күндү…», — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

16 часов ago