Борис Павловка истиҥ эҕэрдэлэрин ыыталлар
Биллэр суруналыыс, суруйааччы, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта, “Кэм” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Борис Павлов-Кэм 65 сааһан туолар күнүнэн үгүс элбэх эҕэрдэни тутар.
“Саха сирэ” хаһыакка бииргэ үлэлээбит доҕотторо Надежда Осипова, Варвара Попова эҕэрдэлэрин аахпыт эрэ киһи, Борис Иванович олоҕун, айар үлэтигэр ураты буочарын билсэр.
“Ытыктыыр, таптыыр доҕорбут, биир идэлээхпит Борис Иванович!
Өрөгөйдөөх күҥҥүнэн, кэрэ-бэлиэ кэмҥинэн үтүө тыллары түмэн махталбыт — тапталбыт бэлиэтинэн эҕэрдэ этэн эйээрдэхпит, амарах алгыс алҕаан амалыйдахпыт буоллун!
“Саха Сирэ” хаһыакка бииргэ үлэлиэхпититтэн, суруйар эйгэ хонуутугар сытыы бөрүөбүтүн тутуохпутуттан, эн-мин дэһэн, кэлэри кэрэһэлээн, ырааҕы ыраҥалаан, саха омук саҕахтарын анааран, кэмигэр көмөлөһүннэрэн, кэрэни туойан кэлбит дьоллоохпут.
Номнуо 65 сыл хаарын-самыырын эрдээх, эрэллээх санныгар сүгэн, Орто дойду кэрэтин, төрөөбүт норуотуҥ ис айылҕатын, кыһалҕатын, үөрүүтүн-хомойуутун хоһуйан, саҥа-сонун уобарастары саха литэрэтиирэтигэр киллэрбит сүдү кылааккын, сахалыы кинигэ оҥоруутун тутум үөһэ таһымҥа таһаарарга биэрбит сыраҕын-сылбаҕын үрдүктүк, дьоһуннук сыаналыыбыт, ис сүрэхтэн билинэбит уонна өрүү маннык буолуо диэн эрэнэбит!
“Дууһа билиҥҥи кээмэйэ Күһүн да диэн ааттаннар,” “Күнү тула бииргэ эргийэ сылдьар дьонуҥ” “Суолгунан туох эрэ дьиктини ойуулуу сатыыргар” баҕарабыт, “Хас сарсыарда аайы Күнү кытта төрөөтүн –ЭРЭЛ”, “Эн онно кыһаллыма-АЙ, Дьылҕаҕын хас биирдии дьоллоох түгэни кытта ыксары баай!”
Үөрэ-дьүөрэ тиһиллэн, тыл дэгэтинэн оһуорданан, эҥин-дьикти кэрэтик этиллэн, киһи эрэ, саха эрэ дууһатын кырыымпа кылын нарыннык таарыйар хоһоонноргун куруук кэтэһэбит! Айымньыларыҥ дьонуҥ-сэргэҥ сүрэҕин үөрдэ турдуннар, үлэҥ-хамнаһыҥ таһаарыылаах буоллун, дьолуҥ чорооно толору буоллун! Дом!”
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: