Биллэр суруналыыс, суруйааччы, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта, “Кэм” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Борис Павлов-Кэм 65 сааһан туолар күнүнэн үгүс элбэх эҕэрдэни тутар.
“Саха сирэ” хаһыакка бииргэ үлэлээбит доҕотторо Надежда Осипова, Варвара Попова эҕэрдэлэрин аахпыт эрэ киһи, Борис Иванович олоҕун, айар үлэтигэр ураты буочарын билсэр.
“Ытыктыыр, таптыыр доҕорбут, биир идэлээхпит Борис Иванович!
Өрөгөйдөөх күҥҥүнэн, кэрэ-бэлиэ кэмҥинэн үтүө тыллары түмэн махталбыт — тапталбыт бэлиэтинэн эҕэрдэ этэн эйээрдэхпит, амарах алгыс алҕаан амалыйдахпыт буоллун!
“Саха Сирэ” хаһыакка бииргэ үлэлиэхпититтэн, суруйар эйгэ хонуутугар сытыы бөрүөбүтүн тутуохпутуттан, эн-мин дэһэн, кэлэри кэрэһэлээн, ырааҕы ыраҥалаан, саха омук саҕахтарын анааран, кэмигэр көмөлөһүннэрэн, кэрэни туойан кэлбит дьоллоохпут.
Номнуо 65 сыл хаарын-самыырын эрдээх, эрэллээх санныгар сүгэн, Орто дойду кэрэтин, төрөөбүт норуотуҥ ис айылҕатын, кыһалҕатын, үөрүүтүн-хомойуутун хоһуйан, саҥа-сонун уобарастары саха литэрэтиирэтигэр киллэрбит сүдү кылааккын, сахалыы кинигэ оҥоруутун тутум үөһэ таһымҥа таһаарарга биэрбит сыраҕын-сылбаҕын үрдүктүк, дьоһуннук сыаналыыбыт, ис сүрэхтэн билинэбит уонна өрүү маннык буолуо диэн эрэнэбит!
“Дууһа билиҥҥи кээмэйэ Күһүн да диэн ааттаннар,” “Күнү тула бииргэ эргийэ сылдьар дьонуҥ” “Суолгунан туох эрэ дьиктини ойуулуу сатыыргар” баҕарабыт, “Хас сарсыарда аайы Күнү кытта төрөөтүн –ЭРЭЛ”, “Эн онно кыһаллыма-АЙ, Дьылҕаҕын хас биирдии дьоллоох түгэни кытта ыксары баай!”
Үөрэ-дьүөрэ тиһиллэн, тыл дэгэтинэн оһуорданан, эҥин-дьикти кэрэтик этиллэн, киһи эрэ, саха эрэ дууһатын кырыымпа кылын нарыннык таарыйар хоһоонноргун куруук кэтэһэбит! Айымньыларыҥ дьонуҥ-сэргэҥ сүрэҕин үөрдэ турдуннар, үлэҥ-хамнаһыҥ таһаарыылаах буоллун, дьолуҥ чорооно толору буоллун! Дом!”
Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт Саҥа дьылга төлөнөр 13-с биэнсийэ туһунан сурах…
Дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтин түмүгүнэн Саха сирин алта спортсмена дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ. Бу туһунан пресс-кэмпириэнсийэ…
Быйыл Олоҥхо күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар араас куонкурустар, бэстибээллэр, быыстапкалар, испэктээктэр, научнай-быраактыычаскай кэмпириэнсийэлэр, квестар, көрсүһүүлэр,…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгин бөдөҥ соботун хаартыската тарҕанна. Балык 2,5 киилэ…
Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Мииринэй куоракка 1 №-дээх орто осуола эбии тутуута үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.…
Дьокуускайга полиция отделыгар олохтоох дьахтар 30 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уонна баан счетуттан 40 тыһ.солк. уордарбытын…