Бороҕон олохтоохторо буойуннарга күүс-көмө буолаллар
Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойун саллааттарга күүс-көмө буолаллар. Бу туһунан «Мүрү саһарҕата» хаһыат иһитиннэрэр.
Ол курдук, «Аал уот» түмсүү кырдьаҕастара иккис күннэрин «Блиндажная свеча» аахсыйаҕа кыттыһан чүмэчи оҥоһуутугар мусталлар, урбаанньыт Лира Алексеева биир дьааһык чүмэчи спонсордаан күүс-көмө буолла.
Үһүс саас «Көмүлүөк» оскуолатын кыттыылаахтара байыаннай дьайыыга улуустан барар дэлэгээссийэҕэ 7400 солкуобай көмөнү хомуйан туттардылар.
Бу күннэргэ «Түмсүү» култуура киинигэр байыаннай эпэрээссийэҕэ хаххалыыр сиэккэ баайыытыгар аҕам саастаахтар, олохтоохтор, тэрилтэ үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кэлэн күүс-көмө буолаллар. Нэһилиэк тэрилтэлэрэ, олохтоохторо биир санаанан түмсүүлээхтик, көхтөөхтүк кытталлара үөрдэр, эрэл кыымын саҕар. Буойуннарбыт дойдуларыгар Кыайыы көтөллөөх, эргиллэн кэлэллэрин эрэнэ кэтэһэбит.
Светлана Прудецкая, библиотекарь, уопсас. кэрэсп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: