Салгыы
Бороҕон — Танда айан суолугар өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн эрэр

Бороҕон — Танда айан суолугар өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн эрэр

Ааптар:
03.09.2023, 13:30
https://t.me/uusaldanru
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Уус Алдан улууһун дьаһалтата ИП Николай Черкашин бэдэрээтчиттээх тэрилтэни кытта Танда суолун өрөмүөннүүргэ илии баттаспыта.

Ол курдук, 8 учаастакка 5,5 км усталаах үлэ ыытылла турар.

Улуус дьаһалтата хас да сылы быһа былааннаах үлэни ыытан, туруорсан, ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ тыраанспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көһөрүллэ сылдьар мунньаҕар, миниистир Владимир Сивцев Бороҕон — Танда айан суолун өрөспүүбүлүкэ көрүүтүгэр киллэрэргэ быһаарыы ылынна.

Онон Бороҕон — Танда суолун өрөспүүбүлүкэ көрүүтүгэр киллэриигэ үлэ саҕаланна. Мантан ыла айан суола тупсуо, сырыы хааччаҕа суох буолуо диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: