Бороҕон – ыччат сайдар киинэ

Share

Уонтан тахса суруналыыс кыһыҥҥы суолу баттаһа Уус Алдан улууһугар пресс-туурга баран кэллибит, саҥа эбийиэктэрин көрдүбүт, инники былааннарын билистибит.

“Улууспутугар 10 сыл устата инфраструктурнай, оҥорон таһаарар, социальнай, о.д.а. эйгэҕэ 100-тэн тахса эбийиэк үлэҕэ киирдэ. 2030 сылга Уус Алдан улууһа төрүттэммитэ 100 сылын туолар. Өссө саҥа ирдэбиллэри туруоран, иннибит диэки баран иһиэхтээхпит. 100 сылы көрсө 100 саҥа хайысханы, эбийиэктэри ситиһэр туһугар үлэни ыытарга анал дьаһалы таһаардыбыт”, – диэн улуус баһылыга Алексей Федотов бэлиэтиир.

Аныгы хочуолунай

Мүрү 2-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрүүлээх аһыллыытын кэнниттэн, суруналыыстар салгыы Бороҕону сылааһынан хааччыйан олорор, былырыын үлэҕэ киирбит 18 МВт кыамталаах “Восток-1” хочуолунайы көрдөрдүлэр. Хочуолунай ОДьКХ реформатын пуондатын өйөбүлүнэн, СӨ ОДьКХ ГУП тэрилтэ инвестиционнай бырагырааматын иитинэн тутуллубут. Бастакы сыбаайатын түһэрэргэ Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтинэн кыттыбыт. Генеральнай бэдэрээтчит “Инженерные сети” ХЭУо (Новосибирскай) анал идэлээх дьон кэлэн тутан, таҥан барбыттар. “Тутуу 2021 сыл бэс ыйыгар саҕаламмыта уонна былырыын ыам ыйыгар үлэҕэ киирбитэ. Күн бүгүн Бороҕон сэлиэнньэтин илин өттүн сылааһынан хааччыйар. Хочуолунай толору автоматизированнай, таас чоҕунан оттуллар”, – диэн Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччы Семен Бурнашев этэр.

Уус Алдан улууһун Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба ГУП филиалын дириэктэрэ Евгений Цой суруналыыстарга хочуолунайы кэритэн көрдөрдө. “Восток-1” ититиитин ситимэ 20 погоннай килэмиэтир уһуннаах, уопсайа 5 тепловой пууну оттон олорор, ону таһынан 318 эбийиэк (258 чааһынай, 30 элбэх кыбартыыралаах дьиэ, 30 социальнай эбийиэк), барыта 22 киһи үлэлиир. Инникитин Бороҕон илин өттүн барытын холбуур соруктаахтык суоттанан тутуллубута”, – диэн кэпсиир. Чоҕун Харбалаахтан аҕалаллар эбит. Оһохтор Ижевскэй собуокка оҥоһуллубуттар, барыта 6 оһох турар, оператордар монитор көмөтүнэн көрөн олороллор. Аны оһох бырагырааманан сирдэтэн, таһырдьа төһө тымныытын учуоттаан, бэйэтэ оттор эбит. Урукку курдук чоҕу күрдьэҕинэн баспаттар, илиилэринэн таспаттар. Хочуолунай толору хааччыллыылаах дьиэттэн уратыта суох: сынньанар, мунньахтыыр хостордоох, душтаах, тахсан киирэр сирдээх, таҥас сууйар аптамаат массыыналаах… Барыта этэҥҥэ үлэлиир кэмигэр оператордар таас түннүктээх хоско олорон монитору эрэ кэтииллэр эбит. Симиэнэҕэ түөртүү буолан турабыт, 12 чаас үлэлиибит дэһэллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, ОДьКХ реформатын пуондатыттан үбүлүммит өрөспүүбүлүкэҕэ бу бастакы хочуолунай буолар.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Бастыҥнар иитиллэр кыһаларыгар

Салгыы Бороҕону кытта кэккэлэһэ турар Мындааба сэлиэнньэтигэр СӨ норуоттарын спортивнай оонньууларын чэрчитинэн тутуллубут биирдиилээн көрүҥнэринэн дьарыктанар успуорт универсальнай комплексыгар тиийэбит. Салалта тустууга Арассыыйаҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ барбыт буолан, суруналыыстары экэнэмиис Евдокия Дегтярева арыаллаата. Тутуу “Демография” национальнай бырайыак “Успуорт – олох нуормата” эрэгийиэннээҕи бырайыак иитинэн 2020 сылтан саҕаламмыт. Уопсай иэнэ 1722 кв. миэтэрэҕэ тэҥнэһэр.

Тустаах тэрилтэҕэ тустуунан, мас тардыһыынан, саахыматынан күн бүгүн 418 оҕо дьарыктанар. Барыта 19 үтүөлээх, үрдүк категориялаах тириэньэр үлэлиир. Эбийиэк 32 миэстэлээх уопсайдаах, манна үөрэтэр-эрчийэр түмсүү кэмигэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлэн олороллор эбит.

Икки мэндиэмэннээх тутуу аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир. Дьэндэйэн дьиэ да дьиэ! Саалата киэҥин-куоҥун таһынан, кыргыттарга, уолаттарга аналлаах туспа сыгынньахтанар, суунар хостордоох, теннис остуоллаах, тренажернай саалалаах, сауналаах, сынньанар, паарданар хостоох, бэл диэтэр, гидромассажнай ваннатыгар тиийэ хааччыйбыттар. Аны доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо пандустаах, туспа хостоох эбит, ыксаллаах түгэҥҥэ аналлаах кунуопката эмиэ баар.

Уопсайга хас блок аайы аһыыр сирдээх, ас сылытар тэриллээх, тоҥорболоох (холодильник), душтаах, тахсан киирэр сирдээх, хоско иккилии буолан сыталлар, хос аайы иккилии тумба, ыскаап көрүллэр. Оҕо-аймах эрчиллэригэр, үүнэригэр-сайдарыгар бэртээхэй усулуобуйа тэриллибит.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Күлүмнүүр аатынан дыбарыаска

Бүтэһигинэн Бороҕон сэлиэнньэтин килбэйэр киинигэр турар В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар тиийэбит. Аата даҕаны этэринии, ис бараана күлүмүрдээн олорор. Эбийиэги АЛРОСА АХ үбүлээн, Үүнэр көлүөнэ пуондата уонна “РДР-Групп” ХЭУо сакаасчыт быһыытынан үлэлээн олоххо киллэрбиттэр.

“Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын дириэктэрэ Максим Гоголев:

– Тас болуоссата 4110 кв. миэтэрэ иэннээх, дьон сылдьар ыллыгын, күрүөтүн-хаһаатын барытын оҥорбуппут, фонтан туруорбуппут. Эбийиэк үлэҕэ киирээтин кытта үлэ күөстүү оргуйбутунан барбыта. Өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр артыыстара, тыйаатырдара бары кэриэтэ кэлэн сылдьан, кыттан аастылар. Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, билигин элбэх көрөөччүнү хабабыт. Ыйга 30 тэрээһини ыытабыт, күн аайы биирдии. Саҥа дьыл кэнниттэн тохтобула суох үлэлии сылдьабыт. Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, биир сыл иһигэр үс бүк үп киирдэ. Бу иннинэ 15 көрүҥү үлэлэтэр эбит буоллахпытына, билигин 20 хайысханан үлэ-хамнас күөстүү оргуйар: ырыа, үҥкүү кэлэктииптэрэ, норуот хора, оҕолорго “Кэнчээри” ансаамбыл, о.д.а. Барыта 36 үлэһиттээхпит”, – диэн дириэктэр кэпсиир.

Үс мэндиэмэннээх дьиэ бастакы этээһигэр “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһа, үөһэ өттүгэр бибилэтиэкэлэр олохсуйбуттар. Биһиги сылдьарбытыгар 262 миэстэлээх, болкуоннаах саалаҕа нэһи­лиэктэр кыттыылаах бэстибээл гала-кэнсиэрдин ыытаары түбүгүрэ сылдьаллара. Сыана экраныгар, уотугар-күөһүгэр, аппаратуратыгар, микрофонугар тиийэ барыта хааччыллыбыт. Уус-уран мастарыскыай, икки гримернай, уот-күөс, тыас-уус, култуурунай-маассабай салаалар, о.д.а. аналлаах тус-туспа хостордоохтор.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Билиигэ сирдиир бибилэтиэкэҕэ

Үөһэ тахсыбыппыт, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ экскурсия тэрийэргэ бэлэм көрсөллөр. Үһүс мэндиэмэҥҥэ С.С.Васильев-Борогонскай аатынан улуус киин бибилэтиэкэтэ, иккискэ Оҕо ааҕар киинэ олохсуйбуттар. Бибилэтиэкэ ааспыт сыл түмүгүнэн “РФ култууратын тыа сирин бастыҥ тэрилтэтэ” үрдүк ааты ылан, 100 тыһ. солк. наҕараадаламмыт. “Пуондаҕа 29 тыһ. кинигэ баар, 6 уһуйааны, 5 оскуоланы кытта үлэлэһэбит. Үөрэнээччилэргэ сарсыардаттан тиэмэлэринэн бибилэтиэкэ уруоктарын ыытабыт. Уруок кэнниттэн оҕолор кэлэн кинигэ ааҕаллар, уруоктарын толороллор, дьарыктаналлар, араас тэрээһиннэри тэрийэбит”, – диэн сэбиэдиссэй Вера Портнягина билиһиннэрэр. “Тыйаатыр уонна оҕо”, “Ийэм уонна мин”, “Бииргэ ааҕабыт”, о.д.а. бырайыактардаахтар эбит. Биир саалаҕа кырачаан ааҕааччылар умсугуйан кинигэ көрөллөр. Түөрт-биэс саастаах уолчаан долбууртан бэйэтинээҕэр эрэ кыра кинигэни ылан остуолга уурар уонна биһиэхэ эрэ кыһамматтыы салгыы арыйталаан барар. Оннооҕор субуотаҕа төрөппүттэр эмиийдээх оҕолорун кытта илдьэ кэлэллэр эбит. Онтон ийэлэрэ култуура дыбарыаһыгар дьарыктанар оҕолор бибилэтиэкэҕэ тахсан аралдьыйаллар дэһэллэр. Онон сылыктаатахха сылдьа үөрүйэх оҕолор эбит.

Үһүс мэндиэмэҥҥэ баар С.С.Васильев-Борогонскай аатынан бибилэтиэкэ нэһилиэктэри барыларын хааччыйан олорор. Биир эркиҥҥэ толору улуус меценаттарын туһунан истиэндэ ыйаммыт. Урукку бибилэтиэкэттэн уратыта диэн, ааҕааччы бэйэтэ киирэн көрөр эбит. Аттынааҕы саалаҕа Саха сиригэр, Уус Алдаҥҥа сыһыаннаах кинигэлэри туруорбуттар.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Ити курдук, ардах кэнниттэн тэллэй кэчигирэһэн тахсарыныы, Уус Алдан улууһугар саҥа тутуулар сыллата дьэндэһэ тураллар. Бу сырыыбытыгар суруналыыстарга түөрт эбийиэги көрдөрдүлэр. Тус бэйэм бэлиэтии көрүүбэр барыта оҕо-аймах, ыччат сайдарын туһугар анаан тутуллубуттар: оҕо үөрэнэригэр – дыбарыас, дьиэлэрэ сылаас буоларыгар – хочуолунай, успуордунан дьарыктаналларыгар – саала, духуобунай өттүнэн сайдалларыгар – култуура дыбарыаһа! Бу барыта өрөспүүбүлүкэ, улуус салалтата, туһааннаах тэрилтэлэр ыкса ситимнээх үлэлэрин түмүгэ. Ити санаабын ыпсаран биэрэрдии, Уус Алдан улууһугар билигин национальнай бырайыак алта хайысхатынан тутуу бара турар дэһэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

11 часов ago