Салгыы
Бороҕоҥҥо Мүрү эбэ кытылын тупсардылар

Бороҕоҥҥо Мүрү эбэ кытылын тупсардылар

07.11.2024, 12:00
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Уус-Алдан улууһун киинигэр Бороҕон сэлиэнньэтигэр Мүрү күөл кытылыгар сынньанар сири арыйдылар. Бу бырайыак «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан олоххо киирдэ. Бырайыак 2023 сылга Бүтүн Арассыыйатааҕы куорат эйгэтин бастыҥ бырайыагын куонкуруһугар кыайбыта.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Мүрү кытылын тупсаран оҥоруу Бороҕоҥҥо эрэ буолбакка, бүтүн улууска улахан суолталаах. Федеральнай куонкуруска кыайан, 50 мөлүйүөн солкуобайдаах грант сүүйэн, кытыл уулусса иккис түһүмэҕэ олоххо киирдэ. Бу олохтоохтор оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, таптаан сылдьар, сынньанар сирдэригэр кубулуйарыгар эрэллээхпин, — диэн Саха сирин сүрүн архитектора Любовь Папок эттэ.

VIII Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын кэмигэр Бороҕон сэлиэнньэтин дизайн-куода оҥоһуллубута. Дизайнердар уонна архитектордар ол чэрчитинэн, өҥүн-дьүһүнүн, пиктограмманы, оһуорун туһаннылар.

Дизайн-бырайыага 2021 сыллаахха оҥоһуллубута уонна «Живые пространства» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи архитектурнай куонкуруска кыайбыта. Ааптар — «Эйгэ» тэрилтэ, бэдэрээтчит — ИП Москвитин И.Н., сакаасчыт — «Агентство по развитию территорий».

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

2023 сыллаахха манна оҕо оонньуур уонна ворк-аут былаһааккалары, трибуналары туппуттара, күрүөнү, тротуары оҥорбуттара, сырдатыы уотун тардыбыттара. Быйыл аллея, скейтборд-былаһаакка, хачыаллар, сырылыыр сыырдар, сынньанар сирдэр, трибуналаах сыана уонна күөлгэ киирэр далаһа баар буоллулар, кытылы бөҕөргөттүлэр.

Эһиил элбэх дьайыылаах павильон, Мүрү алааһы үөһэттэн көрөр былаһаакка уонна уоттаах-күөстээх ыллыыр фонтан тутуллуохтара.

Уопсатыбаннай миэстэни бу маннык кэрэ көстүүлээх гына тупсраан оҥоруу,  киэргэтии холобура өрөспүүбүлүкэҕэ суох диэххэ сөп.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: