Бороҕоҥҥо 500-тэн тахса оҕо саҥа оскуола боруогун атыллыа

Share

Сарсын Билии күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх оскуола аанын тэлэччи аһыаҕа. Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр Мүрүтээҕи 2 №-дээх саҥа оскуола быйыл үлэҕэ киириэ уонна быйылгы саҥа үөрэх дьылыгар 565 оҕо саҥа кыһа боруогун атыллыа. Кинилэртэн 64 оҕо бастакы кылааска киирэр.

Учууталлар Ил Дарханы кытта көрсүһүүгэ саҥа кыһа үлэҕэ киирэн эрэриттэн олус үөрэллэрин, күүстэригэр күүс эбэрин туһунан санааларын үллэһиннилэр. Айсен Николаев саҥа оскуола кэбиниэттэрин, спортивнай саалатын, остолобуойун уонна аактабай саалатын көрдө-иһиттэ. «Бу саҥа оскуола өрөспүүбүлүкэбит тыатын сиригэр биир саамай улахан кыһанан буолар. Оҕолорбут үөрэнэр усулуобуйаларын тупсарыы салгыы ыытыллыахтаах. Түгэнинэн туһанан, учууталлары барыгытын ис сүрэхпиттэн саҥа оскуола үлэҕэ киирэн эрэринэн эҕэрдэлиибин, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!», – диэн Айсен Николаев эттэ.

Саҥа кыһа 5,8 тыһ. кв м иэннээх, 17 учуобунай кэбиниэттээх, химияҕа, биологияҕа, астрономияҕа уонна физикаҕа аналлаах лабораториялардаах, икки лингафоннай кэбиниэттээх, мастарыскыай, спортивнай уонна гимнастическай саалалардаах, 150 миэстэлээх остолобуойдаах, киэҥ-куоҥ бибилэтиэкэлээх, методическай кэбиниэттээх уонна 270 миэстэлээх аактабай саалалаах.

Санатар буоллахха, Саха сиригэр 2018 сылтан 51 оскуола уонна 70 оҕо саада тутуллан үлэҕэ киирбиттэр. Ону тэҥэ, 57 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Бу сыл түмүктэниэр диэри барыта 16 оскуола уонна 6 оҕо саада үлэҕэ киириэхтэрэ.

Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago