Бороҕоҥҥо саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ (ВИДЕО)

Share

Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр 2-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар.

Үс мэндиэмэннээх, 450 миэстэлээх таас, саҥа оскуола «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак «Аныгы оскуола» бырайыагынан тутулунна. Дьоро тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков, Уус Алдан баһылыга Алексей Федотов, оскуола бэтэрээннэрэ, үлэһиттэр, үөрэнээччилэр, араас сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр кытыннылар.

Аҕыс кылаастаах оскуола аан маҥнай 1969 с. аһыллыбыта. Дириэктэринэн Семен Петрович Трифонов, үөрэх чааһыгар солбуйааччынан Василий Иванович Охлопков анаммыттара. Оччолорго 287 оҕо үөрэнэрэ. Билигин оскуола номнуо 506 үөрэнээччилээх.

— «Үөрэхтээһин» бырайыак көдьүүһэ олус улахан. Ол курдук, биһиги сыллата 6 млрд. солк. кэриҥэ харчыны федеральнай бүддүөттэн ылан, оскуола тутуутугар, оскуоланы саҥардыыга ыытабыт. Бүгүн 2-с нүөмэрдээх улуус кырдьаҕас оскуолата хас эмэ сыл тухары эргэ эбийиэктэргэ үөрэнэн, туруорсан, араас бырагыраамаларга кыттыһан, дьэ, 2021 сыллаахха бу оскуола тутулларын туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Манна элбэх киһи көмөлөөн үлэлээбитэ. Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы быһааран, оскуола тутуутун федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэр туһунан илии баттаабыта. Оскуола кэлэктиибэ күүстээх, оҕону иитэргэ-үөрэтэргэ кыһаллар. Оскуола киэҥ билиилээх, бигэ тирэхтээх, олоххо бэлэмнээх дьону иитэн таһаарыаҕа диэн эрэнэбит. Үөрэнээччилэргит төрөөбүт тылларын умнубатыннар», — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эҕэрдэлээн туран, саха тылын кэбиниэтин толору хааччыллар сэртипикээтин бэлэх уунна.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ

Бу Уус Алдан улууһун биир саамай элбэх үөрэнээччилээх оскуолатынан буолуоҕа. Уопсай иэнэ 5854,87 кв.м. Барыта 17 үөрэнэр кэбиниэттээх, үс лабаратыарыйалаах, мастарыскыайдаах, 270 миэстэлээх аактабай саалалаах, киэҥ-куоҥ бибилэтиэкэлээх, 150 миэстэлээх остолобуойдаах.

Хаартыска: Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

8 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

9 часов ago