Салгыы
Борокуратуура 11 элбэх оҕолоох ыал быраабын көмүскээтэ

Борокуратуура 11 элбэх оҕолоох ыал быраабын көмүскээтэ

Ааптар:
01.11.2025, 11:05
Хаартыска ИДьМ пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

СӨ борокуратууратын сорудаҕынан, Уус-Алдан улууһун борокуратуурата элбэх оҕолоох ыаллар өйөбүл миэрэлэрин ылар бырааптара тутуһуллуутун бэрэбиэркэлээтэ.

Силиэстийэнэн быһаарыллыбытынан, Уус-Алданнааҕы нэһилиэнньэҕэ социальнай көмүскэлгэ комплекснай киинэ 11 элбэх оҕолоох ыалга сир учаастагын биэрии оннугар, 300 тыһ. солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх эрэгийиэннээҕи харчынан төлөбүрү биэрэргэ уураах таһаарбыт. Ол да буоллар, төлөбүр ыалларга олохтоммут болдьоҕор тиэрдиллибэтэх. Борокуратуура Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн Социальнай төлөбүрдэр уонна үбүнэн арыаллааһын киинигэр сокуону кэһиини туоратар туһунан этии киллэрдэ. Борокуруор дьаһалынан, ыаллар уопсайа 3,3 мөл. солкуобайы төлөбүрү толору ыллылар.

Бары сонуннар
Салгыы
1 ноября
  • -14°C
  • Ощущается: -21°Влажность: 72% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: