Хаартыска: СӨ Борокуратуурата
Мииринэй куорат борокуратуурата доруобуйатынан хааччахтаах элбэх оҕолоох ийэ социальнай быраабын көмүскүүр туһунан туруорсуутунан бэрэбиэркэни ыытта. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.
Силиэстийэҕэ быһаарыллыбытынан, боломуочуйалаах уорган дьахтарга оҕо төрөөһүнүнэн уонна иитиитинэн сибээстээн ый аайы төлөнөр босуобуйаны аныыртан аккаастаабыт.
Аккаас төрүөтүнэн сайабылыанньалаах дьахтар кэргэнэ дохуота суоҕа, ону таһынан дьахтар оҕолоруттан иккитигэр эрэ аҕа буолан, элбэх оҕолоох аҕа ыстаатыһа суоҕа ыйыллыбыт. Бу сокуону кэһии буолар. Итинэн сибээстээн , Мииринэй куорат борокуратуурата суукка ирдэбил киллэрдэ. Борокуратуура боломуочуйалаах уорган быһаарыытын сокуону кэһиинэн ааҕар туһунан уонна сайабылыанньалаахха сайабылыанньа биэрбит күнүттэн саҕалаан босуобуйаны аныырга уонна төлүүргэ эбээһинэстиир туһунан модьуйда. Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.
Бүгүн сарсыарда социальнай ситимнэринэн бэрт сонун видео тарҕанна. Новосибирскайга тутулла турар оскуола олбуоругар биирдиилээн биридимиэттэр…
Бу нэдиэлэҕэ үгүс улуустарга этиҥнээх ардахтар буоллулар. Ол түмүгэр, саҥа баһаардар турдулар. Бу туһунан Экология,…
Саха сиригэр сайыҥҥы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөнү оҥоруу салҕанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 10 мөлүйүөнтэн…
От ыйын 30 күнүгэр 19:00 чааска Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара Бүлүү улууһугар аракыата бааҕа…
Аллараа Халыма улууһугар «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка «Эһэлээх арыылар» судаарыстыбаннай айылҕа заповеднигын сиригэр-уотугар биһиги эрабыт…
Оҕурсуну көрөргө, үүнэрэргэ олус боростуой курдук эрээри, сороҕор үүнээйи эмискэ үүнэрэ тохтуур, сэбирдэҕэ араҕастыйар, аһа…