Салгыы
Борокуратуура орооһон, сэлиэнньэ биэлсэрдэммит

Борокуратуура орооһон, сэлиэнньэ биэлсэрдэммит

Ааптар:
09.12.2025, 12:18
Хаартыска: СӨ Борокуратуурата
Бөлөххө киир:

Борокуратуура орооһуутун кэннэ, Өймөкөөн улууһугар эмтиэкэҕэ эмп-том аҕалыллыбыт уонна  биэлсэр  үлэнэн хааччыллыбыт. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрдэ.

 

Өймөкөөн оройуонун борокуратуурата быһаарбытынан,  Үчүгэйдээҕи биэлсэр-акушер пуунугар бастайааннай үлэһит суох эбит. Инньэ гынан мэдиссиинискэй  көмөнү уонна нэһилиэнньэҕэ өҥөнү атын сэлиэнньэттэн биэлсэр кэлэн оҥорор эбит.  Аны ФАП иһинэн үлэлиир  эмтиэкэ  фармацевтическай лиссиэнсийэлээҕин  үрдүнэн, туһааннаах эмп-том суоҕа быһаарыллыбыт.  Онон сэлиэнньэ олохтоохторо  хаачыстыбалаах уонна тиийимтиэ мэдиссиинискэй көмөнөн хааччыллыыга бырааптара кэһиллэн олорбут.

Борокуратуура  орооһуутун түмүгэр, эмтиэкэ пуунугар эмп-том аҕалыллыбыт уонна сэлиэнньэҕэ миэстэтигэр олорон үлэлиир  биэлсэр баар буолбут.

Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: