Хаартыска: СӨ Борокуратуурата
Борокуратуура орооһуутун кэннэ, Өймөкөөн улууһугар эмтиэкэҕэ эмп-том аҕалыллыбыт уонна биэлсэр үлэнэн хааччыллыбыт. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрдэ.
Өймөкөөн оройуонун борокуратуурата быһаарбытынан, Үчүгэйдээҕи биэлсэр-акушер пуунугар бастайааннай үлэһит суох эбит. Инньэ гынан мэдиссиинискэй көмөнү уонна нэһилиэнньэҕэ өҥөнү атын сэлиэнньэттэн биэлсэр кэлэн оҥорор эбит. Аны ФАП иһинэн үлэлиир эмтиэкэ фармацевтическай лиссиэнсийэлээҕин үрдүнэн, туһааннаах эмп-том суоҕа быһаарыллыбыт. Онон сэлиэнньэ олохтоохторо хаачыстыбалаах уонна тиийимтиэ мэдиссиинискэй көмөнөн хааччыллыыга бырааптара кэһиллэн олорбут.
Борокуратуура орооһуутун түмүгэр, эмтиэкэ пуунугар эмп-том аҕалыллыбыт уонна сэлиэнньэҕэ миэстэтигэр олорон үлэлиир биэлсэр баар буолбут.
Саха сирин 11 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо МАХ национальнай мессенджерга чат-бот нөҥүө «Мин докумуоннарым» киинигэр (МФЦ)…
Олунньу 17 күнүгэр күүтүллэр Күн өлүүтэ Арассыыйа сиригэр-уотугар көстүө суоҕа. Бу туһунан Москватааҕы планетарий пресс-сулууспата…
Ытык Күөлгэ Норуот айымньытын дьиэтигэр улуустааҕы төрөппүттэр түмсүүлэрин тэрийиитинэн "Родные-Любимые" пуорум ыытылынна. Бу пуорум биһиги…
Бүлүү улууһун борокуратуурата 85 саастаах дьахтар кыыһын сайабылыанньатынан аҕам саастаах олорор дьиэҕэ бырааба тутуһуллуутун бэрэбиэркэлээтэ.…
Арассыыйаҕа былырыын иккис ырыынакка кытай массыыналарын атыыта икки төгүл үрдээбитэ бэлиэтэммитэ. Итиниэхэ ордук 2021-2025 сыллардааҕы…
Дьокуускай куорат борокуратуурата 1997 с.т. олохтоох киһиэхэ сыһыаннаах холуобунай дьыалаҕа буруйдуур түмүгү бигэргэттэ диэн Саха…