Босхо эминэн туһанааччыларга 49 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах үп көрүллүбүтэ
СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр быйыл чэпчэтиилээх эмтэринэн хааччыллыыга 49 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах үп бэриллибитэ. Бырагыраама инсуллаабыт, инфарктаабыт эбэтэр сүрэх-тымыр ыарыыларынан эпэрээссийэлэммит (холобур, аортокоронарнай шунтирование) уонна балыыһаҕа сытан баран тастан эмтэнэр дьоҥҥо туһуланар.
Маныаха эминэн хааччыллыы болдьоҕо билигин диагноһы туруоруу эбэтэр эпэрээссийэ кэнниттэн 2 сыл буолла (урут 1 сыл этэ). Сүрэх-тымыр кутталлаах көрүҥүнэн ыалдьааччылар эрэгийиэннээҕи регистрдэригэр 7943 киһи киллэрилиннэ. Ыарыһаҕы балыыһаттан тахсыбытын кэнниттэн олорор сиринэн поликлиникатыгар диспансер учуотугар туруоран, кэтээн көрөллөр. Регистры Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ хонтуруоллуур.
“2024 сылга сүрэх-тымыр ыарахан ыарыылаах дьонун эмтииргэ 49 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах үп көрүллүбүтэ. Барыта 2020 сылтан “Сүрэх-тымыр ыарыыларын утары охсуһуу” бырайыак чэрчитинэн бу сыалга-сорукка федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн 230 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах үп бэриллибитэ”, — диэн СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева кэпсээтэ.
Бырагыраама “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Сүрэх-тымыр ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: