Салгыы
Босхо эмкэ бүддьүөт ороскуотун  улаатыннарыахтара

Босхо эмкэ бүддьүөт ороскуотун  улаатыннарыахтара

15.10.2025, 14:58
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

2026 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылыгар  судаарыстыбаннай бүддьүөт ороскуотун  кээмэйэ бүддьүөт быйылгы бырайыагыттан үрдэтиллиэҕэ.

Доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах тэрээһиннэргэ 33 миллиартан тахса үбү көрүү торумнанар, саамай улахан эбиллии босхо эминэн хааччыллыыга уонна санитарнай авиацияҕа оҥоһуллуоҕа.

“2026 сылга уонна 2027-2028 сс. былааннаммыт кэмҥэ СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан” сокуон барылын быһыытынан, эһиил  доруобуйа харыстабылыгар ороскуот кээмэйэ
1,3 миллиард солкуобайынан улаатыаҕа. Сүрүн уларыйыылар нэһилиэнньэ кэккэ араҥатын босхо эминэн хаачыйыы ороскуотугар тахсыахтара. Сокуон барылын быһыытынан, бу сыалга-сорукка 3 миллиард 830 мөлүйүөнү, ол эбэтэр 2025 сылга бигэргэтиллибит былаантан 1,1 миллиардынан элбэҕи ыытыахтара.
Ону таһынан “Мэдиссиинэ суһал көмөтүн оҥоруу” бырайыагы үбүлээһин кээмэйэ улаатыаҕа.  Манна 1,4 миллиард солкуобайы эбии көрүү торумнанар. Итинтэн 1 миллиард 291 мөлүйүөн солкуобай – санитарнай авиация ороскуотугар. 2026 сылга судаарыстыба бүддьүөтүн дохуотун уопсай кээмэйэ — 309 миллиард  768,2 мөлүйүөн  солкуобай, ороскуот кээмэйэ  317 миллиард 339,7 мөлүйүөн солкуобай буолуоҕа.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Бары сонуннар
Салгыы
15 октября
  • -6°C
  • Ощущается: -9°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: