Салгыы
Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

15.01.2025, 15:20
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ.

Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар иһитиннэрдилэр.

Манна этиллибитинэн, бырагыраама 2024 сыллаахха киирэн, көдьүүстээҕин көрдөрбүт саҥа киллэриилэри, чуолаан, оҕону төрөтөргө доруобуйаҥ туругун көрдөрүүнү уонна поликлиникаҕа, дьиэҕэ мэдисиинискэй реабилитацияны барыыны хаалларар.

Маны тэҥэ, бырагыраамаҕа кэккэ уларыйыылар киирдилэр.

Ол курдук, ОМС чэрчитинэн бырагыраама үбүлээһинэ 500-тэн тахса млрд солк. эбилиннэ.

Байыаннай дьайыыттан демобилизацияламмыт дьоҥҥо анаан эбии салаа бырагыраамаҕа киирэн биэрдэ — чуолаан, кинилэр үрдүк технологичнай көмөнү уочарата суох ылар бырааптаннылар, санаторнай-курортнай эмтэниигэ эмиэ бастакылар кэккэлэригэр бараллар. Санаторнай-курортнай эмтэнии бэйэтэ туспа салааҕа араарыллыбыт.

Маны таһынан ыарахан ыарыыга ылларбыт ыарыһахха Арассыыйаҕа регистрацияламматах эмтэри анааһын бэрээдэгэ саҥардылынна.

Бырагыраамаҕа ЭКО циклларын ахсаанын элбэтии көрүллүбүт уонна диабеттаах ыарыһахха “саахар диабетын оскуолаларыгар” 820 тыһыынча комплекснай сылдьыы былааннаммыт.

Ону тэҥэ суола-ииһэ суох ыраах сытар сир олохтоохторун наадалаах эминэн хааччыйан туран,  дьиэҕэ стационардары тэрийиэххэ сөп буолла. Онтон искэн ыарыылаах ыарыһахха эмтэниини аныыр туһугар молекулярнай-генетическэй уонна да атын чинчийиилэр хайаан да ыытыллыахтара.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: