Босхо учаастак оннугар — харчынан төлөбүр

Босхо учаастак оннугар — харчынан төлөбүр

17.11.2022, 18:39
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 16 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа сокуон ылылынна. Бу сокуон чэрчитинэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр босхо учаастагы ылыахтарын баҕарбат буоллахтарына, харчынан төлөбүрү ылыахтарын сөп.

Бу харчыны дьиэ кэргэн ипотеканы сабарга, дьиэни атыылаһарга, эбэтэр, туттарга ыытыан сөп. Онон олорор усулуобуйаларын тупсарыыга туһаныахтаахтар. Төлөбүр кээмэйэ – быһа холоон 200 тыһыынча солкуобай кэриҥэ.

Маннык курдук  көмө Арассыыйа 16 эрэгийиэнигэр баар эбит.

2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала сэртипикээттээх дьоҥҥо сир учаастагын ылбат буоллахтарына, харчынан биэрии уопута баар буола сылдьыбыта. Онно 1,1 тыһыынча дьиэ кэргэн уопсайа 192 мөлүйүөн солкуобай суумалаах төлөбүрү харчынан ылбыттара. Бу кэнниттэн бу уопуту өссө да салгыыр туһунан элбэх көрдөһүү киирбитэ.

Ийэ сылыгар Ил Дархан дьахталлар хамсааһыннарын бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүһэн баран, эбии көмө миэрэлэрин киллэрэр туһунан бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаабыта. Ол чэрчитинэн, бу сокуон оҥоһулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: