Босхо юридическай көмө баар буолла
04.01.2025, 14:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Судаарыстыбаннай өҥөҕө 2025 сылтан босхо юридическай көмө баар буолла. Бу өҥөнөн Арассыыйа эрэгийиэннэрэ бары туһаныахтара диэн Объясняем.рф суруйар.
Юстиция министиэристибэтэ «Правовая помощь» диэн анал информационнай ситими оҥорон үлэҕэ киллэрдэ. Бу ситимҥэ киирэн түргэн уонна хаачыстыбалаах босхо юридическай өҥөнөн ыраахтан олорон туһаныахха сөп.
«Правовая помощь» 10 пилотнай эрэгийиэҥҥэ үлэлиэҕиттэн номнуо 115 000 көмө оҥоһуллубут.
Быйылгытан инфорамационнай ситим хас биирдии эрэгийиэҥҥэ үлэлиир буолуоҕа.
+1
15
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: