Босхо юридическэй көмө киинэ аһылынна

Share

Дьокуускайга босхо юридическэй көмө киинэ аһылынна. Киин аһыллыытыгар Адвокатскай балаата, «Мин докумуоннарым» киин уонна былаас уорганнара, тустаах тэрилтэлэр кыттыгастаахтар.

2011 сылтан 324 №-дээх федеральнай сокуон чэрчитинэн, босхо юридическэй көмө сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ, тулаайах оҕолорго, элбэх оҕолоох ыалларга, кыаммат дьоҥҥо, барыта 20 категориянан оҥоһуллар. Быйылгыттан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна дьиэ кэргэттэрэ эбилиннилэр.

Былаас уорганнарын уонна Элбэх өҥөнү оҥорор киин юридическэй көмөлөрүн таһынан, Адвокатскай балаата адвокаттарын өҥөлөрө эмиэ киирэр. Кинилэр суукка үлэлэһиэхтэрин сөп.

Босхо сүбэни-аманы ылыан баҕалаахтар Дьокуускайга Ленин проспегын 28 №-дээх дьиэтигэр, Босхо юридическэй көмө киинигэр тиийиэхтэрин сөп.

2022 сыллаахха барыта 20-тэн тахса тыһыынча босхо өҥө оҥоһуллубут. Оттон быйыл өҥөнү ылыы өссө эбиллибит — бу сыл бастакы кыбаарталыгар номноуо 4244 киһи кэлэн, босхо сүбэни-аманы ылбыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

41 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

56 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

2 часа ago