Хаартыска: ЯСИА
Үүнэр сылга социальнай эйгэҕэ саҥа көмө миэрэлэрэ киириэхтэрэ уонна босуобуйалар, төлөбүрдэр суумалара индексацияланан, үрдүөҕэ. Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыба төһө да кириисис кэмэ буоллар, демография, төрөөһүн, социальнай көмө бэлиитикэтин инники күөҥҥэ тутар.
2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ 7,6% индексацияланан, ортотунан 2 тыһыынча солкуобайынан үрдүөҕэ. Оттон социальнай биэнсийэ муус устар 1 күнүттэн 6,8% үрдүөхтээх.
Маны тэҥэ, 40-тан тахса босуобуйа 6,8% индексацияланыаҕа. Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) 20,7% үрдээн, Арассыыйаҕа 27 093 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. 2025 сылга МРОТ 22 440 солкуобай этэ. Бу үрдээһин 4,6 мөлүйүөн кэриҥэ үлэһити таарыйыаҕа.
Санатар буоллахха, Саха сиригэр үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 2025 сылга 16,6%-нан үрдээбитэ уонна 22 440 солкуобайга тэҥнэспитэ (Арассыыйа төлөбүрүн саҕа). Ол эрээри, бүддьүөт үлэһиттэригэр “хотугу эбилик” (80%) уонна оройуон коэффициена эбиллэн, суумата быдан үрдүк буолар.
1,7 оройуон коэффициена — 56 100 солкуобай;
2,0 оройуон коэффициена — 62 832 солкуобай.
Оттон федеральнай уонна бүддьүөккэ киирсибэт тэрилтэлэр үлэһиттэригэр МРОТ 29 187 солкуобайга тэҥнэһэр.
2026 сылга бу суумалар өссө 20,7%-нан үрдүөхтэрэ.
2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ:
26 777 солкуобай – нэһилиэнньэҕэ.
29 187 солкуобай – үлэлиир дьоҥҥо.
25 974 солкуобай – оҕолорго.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…