Салгыы
Босуобуйаны уонна хамнаһы тэҥинэн ылыахха сөп

Босуобуйаны уонна хамнаһы тэҥинэн ылыахха сөп

02.02.2024, 14:00
Хаартыска: СИА, Мария Васильева
Бөлөххө киир:

2024 сылтан ийэ оҕото 1,5 сааһыгар диэри төлөнөр босуобуйаны уонна үлэтигэр таҕыстаҕына, хамнаһын тэҥинэн ылыан сөп. Урут ийэ үлэтигэр таҕыстаҕына, босуобуйата тохтоон хаалар этэ.

Хаартыска: Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

Оттон билигин ийэ дэкириэккэ олорон, үлэҕэ тахсыан сөп буолла, эбэтэр, дэкириэтинэй уоппускаҕа олорон, атын да үлэҕэ киирэн үлэлиэн сөп.  Бу түгэҥҥэ эмиэ оҕо 1,5 сааһыгар диэри босуобуйа төлөнөр.

Босуобуйаны уонна хамнаһы тэҥинэн ыларга үлэ тэрилтэтигэр сайабылыанньа суруйуохха наада.

Холобур, оҕо 2023 сыл кулун тутар ыйыгар төрөөбүт. Ийэтэ оҕо көрөн олорор уоппсуканы оҥорторботох, босуобуйаны ылбатах уонна үлэлии сылдьыбыт. Онтон 2024 сыл тохсунньутугар уоппусканы оҥортордоҕуна, 2024 сыл балаҕан ыйыгар диэри хамнаһын уонна босуобуйаны тэҥинэн ылыан сөп.

Онон, 2024 сыл тохсунньутуттан ийэ дэкириэтинэй уоппускатыттан үлэтигэр эрдэ тахсыан сөп, маннык түгэҥҥэ оҕо 1,5 сааһыгар диэри босуобуйа эмиэ төлөнөр.

Өскөтүн, оҕо 1,5 сааһыгар диэри төлөнөр босуобуйаны ийэ ылбакка сылдьар буоллаҕына, оҕотун 2 сааһыгар диэри Социальнай пуондаҕа сайабылыанньа суруйуохтаах. Оччоҕо пуонда бу иннинээҕи төлөммөтөх кэмҥэ босуобуйа сууматын мунньан, төлүөхтээх.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 5°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 56% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: