Бразилиянан эргийэр киэҥ сырыылаах эт
Саха сирин олохтоохторо тыйыс тымныылары этэҥҥэ туораары этинэн хааччыналлар, сүөһү-ас иитэр өттө идэһэлэнэр.
Ол эрээри үгүстэр кэлии эти сиибит. Кистэл буолбатах, дьону хааччыйаары эргиэнинэн дьарыктанар тэрилтэлэр, хаһаайыстыбалар өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн син балачча араас көрүҥнээх эти киллэрэр буолбуттара ыраатта. Сороҕор саныыгын ээ, хайдах хаачыстыбалаах эти мииннээн иһэ олорорум буолла диэн. Ол гынан баран, кэлии эт барыта куһаҕан диир эмиэ кэрэгэй. Үчүгэй мэччирэҥнээх Алтаай, Бурятия да этин сирбэт дьон элбэх.
Ол эрээри эт уонна эттэн оҥоһуллар бородууксуйа киһи аймахха куттала суох буоларын туһугар тустаах ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээх. Ону туоһулаан бородууксуйа хамнааһына (айана) бэтэринээринэй өттүнэн арыаллыыр докумуоннаах буолуохтаах. Ол курдук, Таможеннай сойуус Тиэхиньиичэскэй регламена үлэҕэ киириэҕиттэн ирдэбил күүскэ турар.
СӨ Бэтэринээрийэҕэ управлениета (сал. И.В.Колодезников) биһиэхэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн федеральнай судаарыстыбаннай иһитиннэрэр систиэмэ (ФГИС ВетИС) “Цербер” диэн компоненыгар уопсайа 91 тэрилтэ регистрацияны ааспыт. Сыл саҥатыттан саҕалаан эккэ уонна эттэн оҥоһуллар бородууксуйаҕа ФГИС ВетИС “Меркурий” компоненыгар 172395 бэтэринээринэй-арыаллыыр (сопроводительнай) докумуону судаарыстыбаннай бэтэринээринэй исписэлиистэр уонна ити систиэмэҕэ үлэлиир көҥүллээх тэрилтэ исписэлиистэрэ толорбуттар, ол иһигэр 28036 устуука – ынах сүөһү этигэр, 186 – сылгы этигэр, 508 – таба этигэр.
Тустаах управление тиксэрбит чахчытынан, кэлии эт өрөспүүбүлүкэбитигэр хантан киирэрий? Докумуоннарынан көрдөххө, үксүн Бурятияттан, Алтай, Забайкальскай, Красноярскай кыраайдартан, Новосибирскай уобалаһыттан, Санкт-Петербургтан. Атыыланар эт барыта аһылыкка куттала суоҕун туоһулуур бэтэринээринэй чинчийиилэри ааспыт уонна бэтэринээринэй-арыаллыыр докумуоннардаах буолуохтаах. 10 ый түмүгүнэн 1115 устуука маннык докумуонунан арыалланан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эт уонна эттэн оҥоһуллубут бородууксуйа киирбит.
Алаас – ааттаах, эт – дойдулаах
Алаас ааттаах дииллэрин курдук, бэчээтигэр суруллубут нүөмэр бу эт туһунан элбэҕи кэпсиир эбит.
– Атын эрэгийиэнтэн кэлбит эт клеймотун бастакы икки нүөмэрэ атын буолар. Холобура, Саха сирин нүөмэрэ 71 сыыппараттан саҕаланар. Оттон Бурятия – 57, Новосибирскай уобалас – 35. Үһүс уонна төрдүс нүөмэрдэр ханнык оройуонтан кэлбитин көрдөрөллөр. Бэһис уонна алтыс сыыппаралар нэһилиэк сыыппаратын көрдөрөр (Улуустар бэтэринээринэй клеймоҕа уонна эти уонна эт бородууксуйатын клеймолааһыҥҥа штампаны бэлиэтииргэ улуустар нүөмэрдэрин табылыыссатын көрүҥ).
Холобура, бу табылыыссаҕа Чурапчы этэ 71-42 диэн нүөмэрдээх буолар. Ол аата: 71 – Саха сирэ, 42 – Чурапчы кода. Оттон бу 71-42-01 нүөмэри ыллахха, бу манна үһүс паара эбэтэр бэһис-алтыс нүөмэрдэр нэһилиэк нүөмэрдэрэ буолаллар, – диэтэ СӨ Бэтэринээрийэҕэ управлениетын бэтэринээрийэ тэрээһиннэрин тэрийэр отделын салайааччыта Анастасия Никитина.
Идэһэтэ суох, хантан түбэһиэх атыылаһар дьон, хата, бу нүөмэри туһаныахтарын сөп эбит дии санаатым.
“Айаннаан кэлбит суола-ииһэ барыта көстөр”
Дьокуускай куорат Бэтэринээрийэҕэ управлениета (начаалынньык А.Н.Бурцев) “Саха сирэ” хаһыакка иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка ынах этэ уонна эттэн бородууксуйа сүрүннээн Алтай, Ставрополье кыраайдарыттан, Новосибирскай, Омскай уобаластартан, Беларусь Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Бразилияттан кэлэр эбит. Бу дьыл тохсунньу 1 күнүттэн сэтинньи 10 күнүгэр тустаах управлениеҕа киирбит докумуоннары көрдөххө, ынах этэ (сүөһү этин аҥаара, сүөһү этин чиэппэрэ) – 390 устуука, блогунан – 10 устуука киирбит. Сибиинньэ этэ – 268 устуука (сүөһү этин аҥаара), сылгы этэ – 19 устуука, таба этэ – 222 устуука, убаһа этэ – 2 устуука.
Бу киирбит сырье электроннай бэтэринээринэй-сопроводительнай докумуоннардаах эбит, бэтэринээринэй-лабораторнай чинчийиини ааспытын туһунан. Ону тэҥэ “Меркурий ФГИС-тээх. Бу тиһик маҕаһыыҥҥа баар бородууксуйа ханна, хаһан оҥоһуллубутун чопчу ыйар. Быһата, табаар (бородууксуйа) атыыланыар диэри айаннаан кэлбит суола-ииһэ барыта көстөр.
Бу курдук, кэлии эппит айана уустук соҕус эбит. Буойаһынан, паромунан, айан суолунан айаннаан, сороҕор айанньыт киһи курдук хаайтара-хаайтара кэлэрэ чахчы. Көннөрү киһитээҕэр абыраллаах эппит ыыра-сырыыта киэҥ. Балартан саамай уустуктара бэрэбиэркэлээччилэргэ сиринэн кэлбит эт буолуон сөп курдук. Билиҥҥи бириэмэҕэ түүн-күнүс төһө массыына эт кэлэрин тымтыктанан да көрөрүҥ саарбах соҕус.
Оттон Бэтэринээринэй-чинчийэр докумуоннара суох киирэр сырьену Амур уобалаһыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Россельхознадзор управлениета хонтуруоллуур.
“Аҕалбатыннар – күрэстэһээччи суох буолуо”
Өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн кэлбит эти улуустарга эмиэ атыылыыллар, дьон атыылаһар. Холобура, Эбээн Бытантай Кустуур нэһилиэгин баһылыга Роберт Колесов этэринэн, Кустуурга 2021 сыллаахха “Якутоптторг” тэрилтэ (оччотооҕу аата ) биир контейнер – уон туонна эти аҕалбытын бу үс сылы быһа атыылаһан, сиэн, дьэ бүтэрбиттэр. Бачча уһун кэмҥэ хайдах харайбыттарын ыйыталаһыыга рефрижераторга уурбуттарын туһунан эттэ. Хата, сорох хоту улуустар кытыы сытар нэһилиэктэригэр тастан тиэллэн кэлбит эт үксүгэр тиийбэт эбит. Айан суола уустугуттан эҥин буолуо, сэрэйдэххэ. Кэлии эт тиийбэтэҕиттэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар күлүктэригэр имнэнэллэр. “Кэлии эт диэни олох билбэт да, сиэбэт да дьоммут. Биһиэхэ кэлбэт. Кэлии эт суох буолан үчүгэй, күрэстэһээччи суох”, – диэтэ быһа-бааччы Дьааҥы олохтооҕо Дмитрий Горохов. Оттон Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүгэр тастан ИП-лар аҕаллахтарына, хамаҕатык атыылаһаллар үһү. Таба этин сиир дьоҥҥо ынах этэ күндү буолуо ээ. Ол эрээри кыыл таба ааспатах дьылыгар сорох хоту улуустар этэ суох буолан, эрэйдэммит кэмнээхтэрэ. Оннук кэмҥэ кэлии да эт күндү буолуохтаах.
Хайдаҕын да иһин, бэйэбит доруобуйабытыгар олохтоох сүөһүбүт этэ бэрт бөҕө буоллаҕа. Атын дойду этин сиэммин ыарыһах буоллум диир киһини истэ иликпин эрээри, атын дойдулартан аҕалар эттэрэ үчүгэй хаачыстыбалаах буоларын хонтуруоллааһын өссө кытаатан истин.
Руслан Федотов, урбаанньыт:
– Мин атыылыыр этим барыта олохтоох сүөһү киэнэ. Итинник диэн толору сүүс бырыһыан мэктиэлиибин. Атын дойдуттан аҕалбаппын, дьон саҥарыаҕа. Халбаһы эҥин оҥорооччулар тастан кэлбит эти туһаналлара буолуо.
№-рэ | Улуус аата | код |
1. | Абый | 10 |
2. | Алдан | 11 |
3. | Аллайыаха | 12 |
4. | Амма | 13 |
5. | Анаабыр | 14 |
6. | Булуҥ | 15 |
7. | Үөһээ Бүлүү | 16 |
8. | Үөһээ Халыма | 17 |
9. | Дьааҥы | 18 |
10. | Бүлүү | 19 |
11. | Горнай | 20 |
12. | Эдьигээн | 21 |
13. | Кэбээйи | 22 |
14. | Ленскэй | 23 |
15. | Мэҥэ Хаҥалас | 24 |
16. | Мииринэй | 25 |
17. | Муома | 26 |
18. | Нам | 27 |
19. | Нерюнгри | 28 |
20. | Аллараа Халыма | 29 |
21. | Ньурба | 30 |
22. | Өймөкөөн | 31. |
23. | Өлүөхүмэ | 32 |
24. | Өлөөн | 33 |
25. | Орто Халыма | 34 |
26. | Сунтаар | 35 |
27. | Таатта | 36 |
28. | Томпо | 37 |
29. | Уус Алдан | 38 |
30. | Уус Маайа | 39 |
31. | Усуйаана | 40 |
32. | Хаҥалас | 41 |
33. | Чурапчы | 42 |
34 | Эбээн Бытантай | 43 |
35. | Дьокуускай | 44 |
36. | Жатай | 45 |
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: