Бразилиянан эргийэр киэҥ сырыылаах эт

Share

Саха сирин олохтоохторо тыйыс тымныылары этэҥҥэ туораары этинэн хааччыналлар, сүөһү-ас иитэр өттө идэһэлэнэр.

Ол эрээри үгүстэр кэлии эти сиибит. Кистэл буолбатах, дьону хааччыйаары эргиэ­нинэн дьарыктанар тэрилтэлэр, хаһаайыс­тыбалар өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн син балачча араас көрүҥнээх эти киллэрэр буолбуттара ыраатта. Сороҕор саныыгын ээ, хайдах хаачыстыбалаах эти мииннээн иһэ олорорум буолла диэн. Ол гынан баран, кэлии эт барыта куһаҕан диир эмиэ  кэрэгэй. Үчүгэй мэччирэҥнээх Алтаай, Бурятия да этин сирбэт дьон элбэх.

Ол эрээри эт уонна эттэн оҥоһуллар бородууксуйа киһи аймахха куттала суох буоларын туһугар тустаах ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээх. Ону туоһулаан бородууксуйа хамнааһына (айана) бэтэринээринэй өттүнэн арыаллыыр докумуоннаах буолуохтаах. Ол курдук, Таможеннай со­­йуус Тиэхиньиичэскэй регламена үлэҕэ киириэҕиттэн ирдэбил күүскэ турар.

СӨ Бэтэринээрийэҕэ управлениета (сал. И.В.Коло­дезников) биһиэхэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүү­бүлүкэ үрдүнэн федеральнай судаарыстыбаннай иһитиннэрэр систиэмэ (ФГИС ВетИС) “Цербер” диэн компоненыгар уопсайа 91 тэрилтэ регистрацияны ааспыт. Сыл саҥатыттан саҕа­лаан эккэ уонна эттэн оҥоһуллар бородууксуйаҕа ФГИС ВетИС “Меркурий” компоненыгар 172395 бэтэринээринэй-­арыаллыыр (сопроводительнай) докумуону судаарыстыбаннай бэтэринээринэй исписэлиистэр уонна ити систиэмэҕэ үлэлиир көҥүллээх тэрилтэ исписэлиистэрэ толорбуттар, ол иһигэр 28036 устуука – ынах сүөһү этигэр, 186 – сылгы этигэр, 508 – таба этигэр.

Тустаах управление тиксэр­бит чахчытынан, кэлии эт өрөспүүбүлүкэбитигэр хантан киирэрий? Докумуоннарынан көрдөххө, үксүн Бурятияттан, Алтай, Забайкальскай, Красноярскай кыраайдартан, Новосибирскай уобалаһыттан, Санкт-Петербургтан. Атыыланар эт барыта аһылык­ка куттала суоҕун туоһулуур бэтэринээринэй чинчийиилэри ааспыт уонна бэтэринээринэй-арыаллыыр докумуон­нардаах буолуохтаах. 10 ый түмүгүнэн 1115 устуука маннык докумуонунан арыалланан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эт уонна эттэн оҥоһуллубут бородууксуйа киирбит.

Алаас – ааттаах, эт – дойдулаах

Алаас ааттаах дииллэрин курдук, бэчээтигэр суруллубут нүөмэр бу эт туһунан элбэҕи кэпсиир эбит.

– Атын эрэгийиэнтэн кэлбит эт клеймотун бастакы икки нүөмэрэ атын буолар. Холобура, Саха сирин нүөмэрэ 71 сыыппараттан саҕаланар. Оттон Бурятия – 57, Новосибирскай уобалас – 35. Үһүс уонна төрдүс нүөмэрдэр ханнык оройуон­тан кэлбитин көрдөрөллөр. Бэһис уонна алтыс сыыппаралар нэһилиэк сыыппаратын көрдөрөр (Улуустар бэтэринээринэй клеймоҕа уонна эти уонна эт бородууксуйатын клеймолааһыҥҥа штампаны бэлиэтииргэ улуустар нүөмэр­дэрин табылыыссатын көрүҥ).

Холобура, бу табылыыссаҕа Чурапчы этэ 71-42 диэн нүөмэр­дээх буолар. Ол аата: 71 – Саха сирэ, 42 – Чурапчы кода. Оттон бу 71-42-01 нүөмэри ыллахха, бу манна үһүс паара эбэтэр бэһис-алтыс нүөмэрдэр нэһилиэк нүөмэр­дэрэ буолаллар, – диэтэ СӨ Бэтэринээрийэҕэ управлениетын бэтэринээрийэ тэрээһиннэрин тэрийэр отделын сала­йааччыта Анастасия Никитина.

Идэһэтэ суох, хантан түбэһиэх атыылаһар дьон, хата, бу нүөмэри туһаныахтарын сөп эбит дии санаатым.

“Айаннаан кэлбит суола-ииһэ барыта көстөр”

Дьокуускай куорат Бэтэринээрийэҕэ управлениета (начаалынньык А.Н.Бурцев) “Саха сирэ” хаһыакка иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка ынах этэ уонна эттэн бородууксуйа сүрүннээн Алтай, Ставрополье кыраайдарыттан, Новосибирскай, Омскай уобаластартан, Беларусь Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Бразилияттан кэлэр эбит. Бу дьыл тохсунньу 1 күнүттэн сэтинньи 10 күнүгэр тустаах управлениеҕа киирбит докумуоннары көрдөххө, ынах этэ (сүөһү этин аҥаара, сүөһү этин чиэппэрэ) – 390 устуука, блогунан – 10 устуука киирбит. Сибиинньэ этэ – 268 устуука (сүөһү этин аҥаара), сылгы этэ – 19 устуука, таба этэ – 222 устуука, убаһа этэ – 2 устуука.

Бу киирбит сырье электроннай бэтэринээринэй-сопроводительнай докумуоннар­даах эбит, бэтэринээринэй-лабораторнай чинчийиини ааспытын туһунан. Ону тэҥэ “Меркурий ФГИС-тээх. Бу тиһик маҕаһыыҥҥа баар бородууксуйа ханна, хаһан оҥоһуллубутун чопчу ыйар. Быһата, табаар (бородууксуйа) атыыланыар диэри айаннаан кэлбит суола-ииһэ барыта көстөр.

Бу курдук, кэлии эппит айана уустук соҕус эбит. Буойаһынан, паромунан, айан суолунан айаннаан, сороҕор айанньыт киһи курдук хаайтара-хаайтара кэлэрэ чахчы. Көннөрү киһитээҕэр абыраллаах эппит ыыра-сырыыта киэҥ. Балартан саамай уустуктара бэрэбиэркэлээччилэргэ сиринэн кэлбит эт буо­луон сөп курдук. Билиҥҥи бириэмэҕэ түүн-күнүс төһө массыына эт кэлэрин тымтык­танан да көрөрүҥ саарбах соҕус.

Оттон Бэтэринээринэй-чинчийэр докумуоннара суох киирэр сырьену Амур уобалаһыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Россельхознадзор управлениета хонтуруоллуур.

“Аҕалбатыннар – күрэстэһээччи суох буолуо”

Өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн кэлбит эти улуустарга эмиэ атыылыыллар, дьон атыылаһар. Холобура, Эбээн Бытантай Кустуур нэһилиэгин баһылыга Роберт Колесов этэринэн, Кустуурга 2021 сыллаахха “Якутоптторг” тэрилтэ (оччотооҕу аата ) биир контейнер – уон туонна эти аҕалбытын бу үс сылы быһа атыылаһан, сиэн, дьэ бүтэрбиттэр. Бачча уһун кэмҥэ хайдах харайбыттарын ыйыталаһыыга рефрижераторга уурбуттарын туһунан эттэ. Хата, сорох хоту улуустар кытыы сытар нэһилиэктэригэр тастан тиэл­лэн кэлбит эт үксүгэр тиийбэт эбит. Айан суола уустугуттан эҥин буолуо, сэрэйдэххэ. Кэлии эт тиийбэтэҕиттэн тыа хаһаа­йыстыбатынан дьарыктанааччылар күлүктэригэр имнэ­нэллэр. “Кэлии эт диэни олох билбэт да, сиэбэт да дьоммут. Биһиэхэ кэлбэт. Кэлии эт суох буолан үчүгэй, күрэстэһээччи суох”, – диэтэ быһа-бааччы Дьааҥы олохтооҕо Дмитрий Горохов. Оттон Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүгэр тастан ИП-лар аҕаллахтарына, хамаҕатык атыылаһаллар үһү. Таба этин сиир дьоҥҥо ынах этэ күндү буолуо ээ. Ол эрээри кыыл таба ааспатах дьылыгар сорох хоту улуус­тар этэ суох буолан, эрэйдэммит кэмнээхтэрэ. Оннук кэмҥэ кэлии да эт күндү буолуохтаах.

Хайдаҕын да иһин, бэйэбит доруобуйабытыгар олох­тоох сүөһүбүт этэ бэрт бөҕө буоллаҕа.  Атын дойду этин сиэммин ыарыһах буоллум диир киһини истэ иликпин эрээри, атын дойдулартан аҕалар эттэрэ үчүгэй хаачыстыба­лаах буоларын хонтуруол­лааһын өссө кытаатан истин.

Руслан Федотов, урбаанньыт:

– Мин атыылыыр этим барыта олохтоох сүөһү киэнэ. Итинник диэн толору сүүс бырыһыан мэктиэлиибин. Атын дойдуттан аҕалбаппын, дьон саҥарыаҕа. Халбаһы эҥин оҥорооччулар тастан кэлбит эти туһаналлара буолуо.

№-рэ Улуус аата код
1. Абый 10
2. Алдан 11
3. Аллайыаха 12
4. Амма 13
5. Анаабыр 14
6. Булуҥ 15
7. Үөһээ  Бүлүү 16
8. Үөһээ Халыма 17
9. Дьааҥы 18
10. Бүлүү 19
11. Горнай 20
12. Эдьигээн 21
13. Кэбээйи 22
14. Ленскэй 23
15. Мэҥэ Хаҥалас 24
16. Мииринэй 25
17. Муома 26
18. Нам 27
19. Нерюнгри 28
20. Аллараа Халыма 29
21. Ньурба 30
22. Өймөкөөн 31.
23. Өлүөхүмэ 32
24. Өлөөн 33
25. Орто Халыма 34
26. Сунтаар 35
27. Таатта 36
28. Томпо 37
29. Уус Алдан 38
30. Уус Маайа 39
31. Усуйаана 40
32. Хаҥалас 41
33. Чурапчы 42
34 Эбээн Бытантай 43
35. Дьокуускай 44
36. Жатай 45
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэ көҕүлээһининэн — баанньык

Кэлиҥҥи сылларга бэйэ көҕүлээһинин (ППМИ) бырагырааматын чэрчитинэн Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр үгүс үлэ барда. Бу…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга гостиница уоруйаҕын туттулар

Дьокуускай куорат ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕо 30 тыһыынча солкуобай суумалаах…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Сүрүн

СҮБЭҺИТ: Балыктан ураты бүлүүдэлэр

Халлаан тымныйан, муус туран сырыы саҕаланан, собо балык атыыта дэлэйэн эрэр. Ыал сандалы тула мустан…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьэ сыана да сыана

Бу күннэргэ куобах этин амсайаары гынан, Бааһынай ырыынагын диэки бардыбыт. Бу күһүҥҥү курдук буолбатах, эт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суолу оҥоруу түргэтитилиннэ

Сэтинньи бүтүүтэ 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах  тырааныспар сырыытын арыйарга Хатас-Павловскай хайысханан Өлүөнэ эбэни туоруур кыһыҥҥы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Пумба»: «Кыргыһыы кэмигэр эдэрдэр тустарыгар долгуйаҕын»

Икки сыллааҕыта байыаннай дьайыы саҕаламмыта, тута быстах мобилизация буолан, саха ньургуннара Аҕа дойдуларын көмүскүү туруммуттара.…

2 часа ago