Брейк үҥкүүгэ Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии буолла (видео)

Брейк үҥкүүгэ Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии буолла (видео)

Ааптар:
17.04.2023, 18:00
Хаартыска Иван Степанов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр спортивнай үҥкүү түмсүүтүн бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын кытта Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр сырытта.

Москваҕа Ирина Винер гимнастикаҕа дыбарыаһыгар брейк үҥкүүгэ Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии буолла. Манна Саха сирин үҥкүүһүттэрэ аан бастаан кыттыны ыллылар. Дьокуускайтан, Мииринэйтэн барыта 10 спортсмен кытынна. Бу көрүҥ 2024 сылга Олимпийскай оонньуу бырагырааматыгар киириэҕиттэн, интэриэс лаппа улаатта, сэргэхсийиини таһаарда.

Хаартыскаҕа ФТСАРР бэрэсидьиэнэ Надежда Ерастова, Иван Степанов, Людмила Николаева. Хаартыска И.Степанов тиксэриитэ

СӨ спортивнай үҥкүү түмсүүтүн бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева күрэхтэһии саҕаламмыт күнүгэр, РФ ФТСАРР салайааччыта Надежда Ерастованы кытта көрүстэ. Людмила Валерьевна бу көрсүһүү туһунан кылгастык маннык кэпсээтэ: «Биһиги Саха сиригэр брейкинг салгыы сайдарын, кэҥиирин туһунан кэпсэттибит. Бу ыччат сөбүлүүр көрүҥэр дьарыгы уонна күрэхтэһиини тэрийэргэ туох оҥоһуллуохтааҕын дьүүллэстибит. Мантан салгыы сүбэбитин холбоон үлэлииргэ быһаарынныбыт, кэккэ чопчу хардыылары оҥоруохпут диэн ылынныбыт. Күрэхтэһиини, киирсиилэри (батллары) көрдүбүт».

Москваҕа өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын брейкер, тириэньэр Иван Степанов салайан илдьэ сылдьар. Кини дойду саамай күүстээх брейкердарын таһыма сөҕүмэр үрдүгүн бэлиэтээтэ уонна бу күрэхтэһии спортсменнарга улахан төһүү буоларын бэлиэтээтэ. Саха сирин хамаандата сыл саҕаланыыта Уһук Илин федеральнай уокурук чөмпүйэнээтигэр миэстэлэһэн бу улахан күрэскэ кыттар чиэскэ тиксибитэ. Биирдиилээн кыттааччылартан Уһук Илин федеральнай уокурукка чөмпүйүөннээбит Захар Черкашин кииристэ.

Бу сырыыга спортсменнарбыт төһө да финалга киирбэтэллэр, Арассыыйа сүрүн түһүлгэтигэр дьоһуннук көһүннүлэр. Иван Степанов этэринэн, билигин спортсменнар дьаныардаахтык эрчиллиэхтэрин, элбэхтик күрэхтэһэн, араас ыытыллар хомуурдарга кыттан, үөрэнэн, билиилэрин, сатабылларын, маастарыстыбаларын сылайбакка сайыннарыахтарын, тохтоло суох дьарыктаныахтарын наада. Онно элбэх бириэмэ, кыһамньы, дьулуур, тулуур уонна, биллэн турар, үп эрэйиллэр: “ Бу күрэхтэһиигэ спортсменнар уонна тириэньэрдэр элбэҕи өйдөөтүбүт. Билигин салгыы дьарык хайдах барыаҕын торумнаатыбыт. Саха сиригэр дьоҕурдаах уонна баҕалаах оҕо элбэх. Кинилэри таба көрөн, кэмигэр дьарыктаан көмөлөстөххө, өйөөтөххө, икки-үс сылынан түмүк көстүөҕэ. Мантан салгыы ылбыт билиибитин-көрүүбүтүн үөрэтиэххэ, салгыы дохсуннук сайдарга дьулуһуохха, турунуохха наада», — диэн түмүктээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: