Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр спортивнай үҥкүү түмсүүтүн бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын кытта Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр сырытта.
Москваҕа Ирина Винер гимнастикаҕа дыбарыаһыгар брейк үҥкүүгэ Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии буолла. Манна Саха сирин үҥкүүһүттэрэ аан бастаан кыттыны ыллылар. Дьокуускайтан, Мииринэйтэн барыта 10 спортсмен кытынна. Бу көрүҥ 2024 сылга Олимпийскай оонньуу бырагырааматыгар киириэҕиттэн, интэриэс лаппа улаатта, сэргэхсийиини таһаарда.
СӨ спортивнай үҥкүү түмсүүтүн бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева күрэхтэһии саҕаламмыт күнүгэр, РФ ФТСАРР салайааччыта Надежда Ерастованы кытта көрүстэ. Людмила Валерьевна бу көрсүһүү туһунан кылгастык маннык кэпсээтэ: «Биһиги Саха сиригэр брейкинг салгыы сайдарын, кэҥиирин туһунан кэпсэттибит. Бу ыччат сөбүлүүр көрүҥэр дьарыгы уонна күрэхтэһиини тэрийэргэ туох оҥоһуллуохтааҕын дьүүллэстибит. Мантан салгыы сүбэбитин холбоон үлэлииргэ быһаарынныбыт, кэккэ чопчу хардыылары оҥоруохпут диэн ылынныбыт. Күрэхтэһиини, киирсиилэри (батллары) көрдүбүт».
Москваҕа өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын брейкер, тириэньэр Иван Степанов салайан илдьэ сылдьар. Кини дойду саамай күүстээх брейкердарын таһыма сөҕүмэр үрдүгүн бэлиэтээтэ уонна бу күрэхтэһии спортсменнарга улахан төһүү буоларын бэлиэтээтэ. Саха сирин хамаандата сыл саҕаланыыта Уһук Илин федеральнай уокурук чөмпүйэнээтигэр миэстэлэһэн бу улахан күрэскэ кыттар чиэскэ тиксибитэ. Биирдиилээн кыттааччылартан Уһук Илин федеральнай уокурукка чөмпүйүөннээбит Захар Черкашин кииристэ.
Бу сырыыга спортсменнарбыт төһө да финалга киирбэтэллэр, Арассыыйа сүрүн түһүлгэтигэр дьоһуннук көһүннүлэр. Иван Степанов этэринэн, билигин спортсменнар дьаныардаахтык эрчиллиэхтэрин, элбэхтик күрэхтэһэн, араас ыытыллар хомуурдарга кыттан, үөрэнэн, билиилэрин, сатабылларын, маастарыстыбаларын сылайбакка сайыннарыахтарын, тохтоло суох дьарыктаныахтарын наада. Онно элбэх бириэмэ, кыһамньы, дьулуур, тулуур уонна, биллэн турар, үп эрэйиллэр: “ Бу күрэхтэһиигэ спортсменнар уонна тириэньэрдэр элбэҕи өйдөөтүбүт. Билигин салгыы дьарык хайдах барыаҕын торумнаатыбыт. Саха сиригэр дьоҕурдаах уонна баҕалаах оҕо элбэх. Кинилэри таба көрөн, кэмигэр дьарыктаан көмөлөстөххө, өйөөтөххө, икки-үс сылынан түмүк көстүөҕэ. Мантан салгыы ылбыт билиибитин-көрүүбүтүн үөрэтиэххэ, салгыы дохсуннук сайдарга дьулуһуохха, турунуохха наада», — диэн түмүктээтэ.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…
Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…