Арассыыйаҕа алтынньыга биир улахан көрсүһүү

Арассыыйаҕа алтынньыга биир улахан көрсүһүү

21.09.2024, 09:05
Хаартыска: БРИКС анал саайтыттан
Бөлөххө киир:

Алтынньыга Арассыыйаҕа Казань куоракка аан дойду үрдүнэн биир улахан тэрээһин — БРИКС саммита — буолаары турар. Былырыын бу түмсүүгэ түөрт судаарыстыба эбиллибитэ. Быйыл сүүрбэттэн тахса судаарыстыба киирэргэ былааннанарын туһунан иһитиннэрбитэ. Ол иһигэр Африка саамай улахан дойдута Алжир, Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэриттэн Азербайджан, Белоруссия, Казахстан, Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэриттэн Вьетнам, Таиланд, Индонезия, Европаны уонна Азияны сибээстиир Турция.

БРИКС уонна Арассыыйа

Быйыл Арассыыйа Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин (СНГ) уонна БРИКС үлэлэрин иилээн-саҕалаан ыытар сыла. Бу иннинэ БРИКС түмсүүтүгэр биһиги дойдубут 2015 сыллаахха бэрэссэдээтэллии сылдьыбыта. Санатан этиим, БРИКС 2006 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы экэниэ-

микэ форумун кэмигэр тэриллибитэ. Маҥнай түмсүү экэниэмикэ миниистирдэрин таһымыгар үлэлиирэ, кэлин дойдулар аҕа баһылыктара кыттыылаах улахан саммиттар ыытыллар буолбуттара. Бастакы маннык улахан сугулаан 2009 сыллаахха Екатеринбург куоракка ааспыта. Кэлин Арассыыйаҕа Уфаҕа 2015 сыллаахха ыытыллыбыта.

Түмсүү маҥнай тэриллэригэр түөрт судаарыстыбанан үлэлиирэ: Бразилиянан, Арассыыйанан, Индиянан уонна Кытайынан (ол иһин түмсүү аата бастаан БРИК диэн этэ). 2010 сыллаахха манна Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ киирэн, түмсүү Африка континенын хаппыта. Быйыл тохсунньуттан өссө Египет, Иран, Холбоһуктаах Араб Эмираттара уонна Эфиопия кыттыһаннар, түмсүү хабар сиринэн да, үлэтинэн-хамнаһынан да быдан кэҥээтэ.

Былырыын БРИКС түмсүүтүн Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ салайбыта, түмсүү улахан сугулаана атырдьах ыйыгар ыытыллыбыта. Манна Владимир Путин быһа сибээһинэн
кыттыбыта. Быйыл түмсүү мунньаҕа алтынньы 22–24 күннэригэр Татарстаҥҥа ыытыллаары турар.

Арассыыйа түмсүү үлэтигэр тас бэлиитикэҕэ, дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга, экэниэмикэҕэ, үпкэ-харчыга, култуураҕа сүрүн болҕомтотун уурар. Холобур, 2015 сыллаахха түмсүүгэ бэрэссэдээтэллиир сылыгар БРИКС иһинэн Сайдыы саҥа баана диэн тэриллибитэ, ону таһынан национальнай валютанан эргинии систиэмэтэ оҥоһуллубута. Онон түмсүү бэйэтэ туспа үбү-харчыны быһаарар, атыыны-тутууну чэпчэтэр, дойдуларга инвестицияны киллэрэргэ көмө-тирэх буолар илиилэммитэ.

Оттон быйыл Арассыыйа тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ сүрүн болҕомтотун уурда. Билигин хас да судаарыстыба түмсүүгэ киирэбин диэн сайабылыанньа суруйан олорор.

Муҥха түстэ

Үөһээ этэн аһарбытым курдук, түмсүүгэ Египет, Иран, Холбоһуктаах Араб Эмираттара уонна Эфиопия холбоспуттара. Саудовскай Аравия түмсүү үлэтигэр кыттыһарга көҥүлү ылан баран, күн бүгүҥҥэ диэри бигэргэтэ илик. Оттон Аргентина бэрэсидьиэнэ уларыйбытын кэннэ олох да тиэрэ хайыһан кэбиспитэ. Ол эрээри итинэн түмсүүнү кытары үлэлэһиэн баҕалаах судаарыс-

тыбалар ахсааннара бүппэт. Быйыл өссө сүүрбэттэн тахса дойду түмсүүгэ киириэн баҕарарын туһунан иһитиннэрбитэ. Ол иһигэр Азербайджан, Алжир, Бангладеш, Бахрейн, Белоруссия, Боливия, Венесуэла, Вьетнам, Гондурас, Зимбабве, Индонезия, Казахстан, Куба, Кувейт, Марокко, Нигерия, Никарагуа, Палестина, Пакистан, Сенегал, Сирия, Таиланд, Турция, Уганда, Чад, Шри-Ланка, Гвинея, Эритрея уонна Соҕуруу Судан. Бу испииһэк быйыл сайын бэс ыйыгар Казань куоракка буолбут БРИКС спортивнай оонньуутун кэмигэр киин бэчээккэ киэҥник тарҕаммыта. Көстөрүн курдук, түмсүүгэ киириэн баҕалаах дойдулартан Африка, илиҥҥи дойдулар, Азия, Латинскай Америка судаарыстыбалара элбэхтэр. Тоҕо?

2010 сыллаахха түмсүүгэ Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ киириэҕиттэн, Евразия кэнниттэн иккис улахан материк Африка Арассыыйаны кытары үлэлэһиитэ өссө күүһүрбүтэ. Устуоруйаттан ыллахха, Африка дойдулара былыргыттан Индияны, Кытайы, Бразилияны кытары биир ситимнээхтик үлэлэһэ олорбут буоллахтарына, Арассыыйаны кытары XVIII үйэттэн алтыспыттара биллэр. Кэлин Сэбиэскэй Сойуус саҕана ордук Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн 50–60‑с сыллардаахха киэҥник үлэлэһии барбыт. Холобур, Сэбиэскэй Сойуус ити кэмҥэ Египеккэ байыаннай өттүнэн улахан күүс-көмө буолбута баар. Ону таһынан Африка үгүс дойдутугар үөрэххэ, доруобуйа харыстабылыгар, о. д.а. эйгэлэргэ араас бырайыагы ыыппыта. Билигин Арассыыйа Африка дойдуларыгар гуманитарнай көмөнү ыыта олорор. Ону сэргэ Египеккэ “Росатом” хампаанньа атомнай электроыстаансыйаны тута сылдьар. Былырыын өссө “Арассыыйа-Африка” диэн киэҥ хабааннаах саммит буолан ааспыта. Манна Африкаҕа 54 тутулуга суох судаарыстыба баарыттан 45 дойду кэлэн кыттыбыта. Онон Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин, Египет, Эфиопия кэнниттэн Африка дойдуларыттан Алжир, Марокко, Нигерия, Чад, Гвинея, Эритрея, Сенегал, Зимбабве, Соҕуруу Судан батыһыспыттара бу БРИКС түмсүүтүгэр дьоһун хардыы.

Европаттан чугас сытар илиҥҥи дойдулартан ыллахха, Иран БРИКС түмсүүтүгэр киирбитэ билиҥҥи кэмҥэ эмиэ улахан суолталаах. Иран уонна Арассыыйа бииргэ үлэлэһиилэрэ устуоруйаттан ыллахха олус интэриэһинэй. Билигин бу дойдуну кытары биһиги байыаннай өттүгэр күүскэ үлэлэһэ олоробут. Иккиһинэн, Иран илиҥҥи дойдуларга Арассыыйа биир сүрүн доҕордуу-судаарыстыбата буолар. Атын өттүнэн, Иран — Америка Холбоһуктаах Штаттара Арассыыйаны, Кытайы таһынан араас хааччаҕы киллэрбит үһүс дойдулара. Онон биир бэрэмэдэйи сүгэн олорор курдукпут. Быйыл өссө Экэниэмикэ илиҥҥи форумугар Владивостокка Владимир Путин Ираны кытары гаас эйгэтигэр биир бырайыагы оҥоруохха сөбүн туһунан иһитиннэрдэ. Уонна, хайа, Иран Холбоһуктаах Араб Эмираттарын, Саудовскай Аравияны, Таджикистаны, о. д.а. дойдулары кытары үлэлэһэ олорор. Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр Индияны, Казахстаны, Кытайы, Киргизияны, Арассыыйаны, Таджикистаны, Пакистаны, Узбекистаны кытары бииргэ суулаһан сылдьар. Онон бу түмсүүгэ киирбитэ, Палестина, Сирия да боппуруостарынан, Арассыыйаны кытары үлэлэһиитэ өссө күүһүрдэ.

Бу испииһэктэн мин өссө ойуччу тутан Турцияны бэлиэтиэхпин баҕарабын. Билэргит курдук, Турция Өрөспүүбүлүкэтэ түөрт муораҕа тахсар, Европаны уонна Азияны холбоон олорор судаарыстыба буолар. Уонна, туох да диэбит иһин, НАТО чилиэнэ. Билигин Арассыыйа киин бэчээтигэр уонна аан дойду бэчээтигэр Турция БРИКС састаабыгар киириэн сөбүн туһунан киэҥ кэпсэтии, ырытыы бара турар. Сорох эспиэртэр Турция Европа сойууһугар киирбэккэ кыйаханан, БРИКС түмсүүтүгэр киириэн баҕарар, атыттар Анкара хайа кыалларынан экэниэмикэтин тупсарарга, инвестордары көрдөөһүҥҥэ быысхайаҕас була сатыыр диэн этэллэр. Биир өттүнэн, кырдьык, Турция Европа сойууһугар чилиэн быһыытынан киириэн баҕарбыта биир сүүрбэччэ сыл ааста. Ол эрээри хас сырыы ахсын оһоҕун саҥаттан оттон иһэр. Иккиһинэн, билигин Турция эмиэ улахан кириисискэ киирдэ. Онтон тахсар, уйуттар бэрт дөбөҥө суоҕа биллэр. Онон Турция БРИКС, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр киирэрэ киниэхэ элбэх ааны арыйыан сөп.

Түмүк оннугар

Былырыын БРИКС түмсүүтүн Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ салайбыта, түмсүү улахан сугулаана атырдьах ыйыгар ыытыллыбыта. Манна Владимир Путин быһа сибээһинэн кыттыбыта. Быйыл түмсүү мунньаҕа алтынньы 22–24 күннэригэр Татарстаҥҥа ыытыллаары турар. Билиҥҥи туругунан, Кытай, Индия, Соҕуруу Африка, Бразилия, Иран, Египет, Араб Холбоһуктаах Эмираттара, Саудовскай Аравия, Эфиопия, Турция, Армения, Белоруссия, Монголия, о. д.а. судаарыстыбалар салайааччылара кэлиэхтээхтэрэ биллэр. Бу күннэргэ Москваҕа БРИКС медиасаммита буолан ааста. Манна 45 дойдуттан суруналыыстар кытыннылар. Үгүс дойдуга БРИКС саммита бэбиэскэттэн түспэккэ бэчээттэнэр. Онон алтынньытааҕы саммит аан дойду бэлиитикэтин хонуутугар биир интэриэһинэй түгэнинэн буолаары турар.

Хаартыска: БРИКС анал саайтыттан

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: