Салгыы
БРИКС саммита буолара биир күн хаалла

БРИКС саммита буолара биир күн хаалла

21.10.2024, 15:00
БРИКС саммит сайтыттан
Бөлөххө киир:

Алтынньы 22-24 күннэригэр Татарстаҥҥа Казань куоракка БРИКС түмсүү уочараттаах саммита буолаары турар. Мунньахха сүүрбэттэн тахса дойду салайааччыта кэлэрэ былааннанар, ону сэргэ түмсүүгэ киириэн баҕалаах судаарыстыбалар кытталлара биллэр.

БРИКС норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүү 2006 сыллаахха Петербурдааҕы экэниэмикэ пуорумун кэмигэр тэриллибитэ. Түмсүү бастаан Бразилия, Арассыыйа, Индия уонна Кытай миниистирдэрин таһымыгар үлэлиир этэ. Кэлин манна Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ эбиллибитэ. Судаарыстыбалар салайааччылара кыттыылаах бастакы саммит 2009 сыллаахха Екатеринбург куоракка ыытыллыбыта. Бу тэрээһинтэн саҕалаан түмсүү ыыра кэҥээн, бэлиитикэ, экэниэмикэ бары боппуруостарын көрөр буолбута.

Билигин түмсүүгэ биэс бастакы дойдуну таһынан Араб Холбоһуктаах Эмираттара, Египет, Эфиопия, Иран, Саудовскай Аравия киирэллэр. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрдэ бэлиэтээн эппитинэн, манна өссө отучча судаарыстыба киириэн баҕалааҕын биллэрбитэ. Быйылгы саммикка бу отучча судаарыстыбаттан уон биэһэ БРИКС түмсүүтүн кытары үлэлэһэр партнер быһыытынан көрүллүөхтээхтэр. Бу туһунан алтынньы 20 күнүгэр бэрэсидьиэн көмөлөһөөччүтэ Юрий Ушаков суруналыыстарга иһитиннэрдэ.

Саммикка туох туһунан кэпсэтии барыаҕай? Юрий Ушаков бэлиэтээбитинэн, саммит бастакы мунньаҕар Украина боппуруоһа көрүллүөҕэ. Манна Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган кыттыан сөбүн туһунан эрдэ киин бэчээккэ суруйан тураллар.

Саммит биир сүрүн кэпсэтиитинэн экэниэмикэ боппуруостара буолуоҕа. Манна, бастатан туран, үп-харчы эргиирин быһаарар саҥа систиэмэ туһунан кэпсэтии барыаҕа. Санатан эттэххэ, Владимир Путин SWIFT систиэмэ оннугар түмсүү чилиэннэрэ национальнай валютанан төлөһөллөрүгэр көдьүүстээх систиэмэ оҥоһулла сылдьарын эрдэ этэн турар.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: