Салгыы
БРИКС саммита: уратылар, саҥа саҕалааһыннар

БРИКС саммита: уратылар, саҥа саҕалааһыннар

25.10.2024, 09:00
Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Алтынньы 22–24 күннэригэр Татарстаҥҥа Казань куоракка БРИКС түмсүү улахан сугулаана буолан ааста. Икки күннээх тэрээһиннэр быһа сибээһинэн холбонууларын, бэчээттэргэ бу көрсүһүүлэри хайдах сырдаппыттарын, саммит кэмигэр тас дойдуларга туох буолбутун кэтээн көрөн баран, быйылгы саммит түмсүү кэлиҥҥи мунньахтарынааҕар ис хоһоонунан да, хабар боппуруостарынан да уратытын бэлиэтиэм этэ.

Салайааччылар көрсүһүүлэрэ

Бастатан туран, быйылгы мунньахха сүүрбэттэн тахса судаарыстыба салайааччыта кэлбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу бэлиитикэ хонуутугар кэлиҥҥи кэмҥэ бэрт сэдэх көстүү. Хаһыаппыт инники нүөмэрдэригэр БРИКС түмсүү туһунан сиһилии суруйан турабын. Онон, манна тохтообокко эрэ бэрт кылгастык санатан этиим, бу түмсүүгэ билигин уон дойду киирэр. Түмсүү ааспыт мунньаҕар өссө отуттан тахса судаарыстыба түмсүү үлэтигэр кыттыһыа этибит диэн баҕа санааларын биллэрбиттэрэ. Быйылгы саммит кэмигэр уонтан тахса дойдуну көрдүлэр.

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин БРИКС түмсүүтүгэр киирэр дойдулар салайааччыларын кытары атах тэпсэн олорон кэпсэппитин таһынан саммит иккис күнүгэр Турция, Венесуэла бэрэсидьиэннэрин кытары эмиэ туспа көрсүһүү тэрийдэ. Аан дойду киин бэчээттэригэр Владимир Путин бу икки дойду лиидэрдэрин кытары сирэй көрсөн кэпсэппитин атын судаарыстыбалардааҕар сүрдээх киэҥник сырдаттылар. Тоҕото биллэр. Турция — НАТО чилиэнэ, Венесуэла — Соҕуруу Америка дойдута. Соҕуруу Америкаттан икки дойду, буолаары буолан саамай үгүс нэһилиэнньэлээх судаарыстыбалар, БРИКС түмсүүтүгэр үлэлэһэллэрэ суолтата улахан. Венесуэла бэрэсидьиэнэ Николас Мадуро БРИКС саммитыгар кэлиитин историческай көстүү быһыытынан сыаналаата. Санатан эттэххэ, бу иннинээҕи саммиттарга Венесуэла куруутун тас дойдуларга үлэлэһэр миниистирдэрин эрэ ыытара. Онон быйыл судаарыстыба салайааччыта бэйэтинэн кэлбитэ ураты суолталаах буолла.

Владимир Путин БРИКС түмсүүтүгэр киирэр дойдулар салайааччыларын кытары атах тэпсэн олорон кэпсэппитин таһынан, саммит иккис күнүгэр Турция, Венесуэла бэрэсидьиэннэрин кытары эмиэ туспа көрсүһүү тэрийдэ.

Оттон Турция туһунан эттэххэ, бэрэсидьиэннэрэ Реджеп Тайип Эрдоган бу саммикка кыттарын туһунан эрдэ иһитиннэрбитэ. Ону ааһан Турция БРИКС чилиэнинэн киирэргэ сайабылыанньа суруйбута. Бу, биллэн турар, сорох дойдуларга чэҥкээйи буолара чахчы. “Ол биир дакаастабылынан Турция бэрэсидьиэнэ Арассыыйаҕа көтөн тиийээтин кытары киин куоракка Анкараҕа дойду биир стратегическэй хампаанньатыгар теракт оҥоһуллубута буолар”, — диэн эспиэрдэр суруйаллар. Быһааран этиим, алтынньы 23 күнүгэр Анкараҕа Турция оборуонаҕа туһаныллар хампаанньатыгар ытыалаһыы тахсыбыта. Хомойуох иһин, түөрт киһи суорума суолламмыт. Онон Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Турция салайааччытын кытары кэпсэтиитин кутурҕанын биллэриититтэн саҕалаабыта. Арааһа бу көрсүһүүлэри аан дойду бэчээтэ өссө да күүскэ ырытара буолуо.

Аны салгыы саммит кэмигэр үгүс боппуруос көрүллүбүтүттэн бу нүөмэргэ экэниэмикэ эйгэтин ылан көрүөххэ. Сорох боппуруостарын аныгыскы хаһыакка сырдатыам.

Экэниэмикэ боппуруостара

Экэниэмикэни ырытыы, биллэн турар, хас биирдии дойдуга тыын боппуруос. Саммит кэмигэр энэргиэтикэттэн саҕалаан үп-харчы эргиирин быһаарар саҥа систиэмэҕэ тиийэ киэҥ хабааннаах ырытыһыы таҕыста. Санатан эттэххэ, Владимир Путин SWIFT систиэмэ оннугар түмсүү чилиэннэрэ национальнай валютанан төлөһөллөрүгэр көдьүүстээх систиэмэ оҥоһулла сылдьарын эрдэ этэн турар.

—Дойдуларбыт экэниэмикэлэрэ салгыы маннык сайдан баран иһэллэригэр технология, үөрэх, сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаарыы, атыы-тутуу, суол-иис, үп-харчы, инвестиция өттүгэр үлэлэһиибитин өссө күүһүрдэн биэриэхпитин наада. Бу чааһыгар биһиги этиилээхпит: БРИКС инвестициялыыр платформата диэн өйдөбүлү киллэриэҕиҥ. Саҥа систиэмэ үп-харчы эргиирин быһаарар, дойдулар экэниэмикэлэрин өйүүр биир үстүрүмүөн  быһыытынан буолуо этэ, — диэн иһитиннэрэр мунньах кэмигэр дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин.

Владимир Владимирович этиитигэр даҕатан Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин аан дойду үрдүнэн билигин үп систиэмэтигэр уларыйыы-тэлэрийии бара турар кэмигэр, БРИКС судаарыстыбалара манна баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылыахтаахтарын бэлиэтээн эттэ: “Норуоттар икки ардыларынааҕы үп систиэмэтин боппуруоһа кэнэҕэскитин өссө сытыытык туруоҕа. Онон аан дойду экэниэмикэтин архитектурата уларыйыытыгар, дойдулар экэниэмикэлэрэ онно “ыарыыта суохтук” киирэллэригэр БРИКС чилиэннэрэ, түмсүүгэ киирэр судаарыстыбалар, оруоллара үрдүөхтээх дии саныыбын”.

Оттон атыы-тутуу, ас-үөл ырыынагар сыһыаран БРИКС иһинэн туораахтаах бурдук боппуруоһун быһаарарга “зерновая биржа” диэни киллэрэргэ сүбэлэстилэр. Санатан этиим, билигин Арассыыйаттан Хара муоранан бурдугу тиэйии ыараан, сорох судаарыстыбалар, ордук Африка дойдулара, ас-үөл өттүгэр ыарахаттары көрсөн олороллор.

— Бу хамсааһын дойдулар ырыынактарыгар ас-үөл өттүгэр соруйан кырыымчыгы таһаарыыны суох оҥоруо этэ, — диэн бэлиэтээтэ мунньах кэмигэр Владимир Путин.

Арассыыйа бэрэсидьиэнин таһынан бу боппуруоска Египет, Эфиопия, Бразилия салайааччылара тыл эттилэр. Бразилия бэрэсидьиэнэ Луис Инасио Лула да Силва: “Биһиги дойдубутугар ас-үөл кырыымчыга олус сытыытык турар. Ону сэргэ үп-харчы эргиирэ эмиэ ыарахаттары үөскэтэр. Национальнай валютанан төлөһүү саҥа систиэмэтин, төһө кыалларынан түргэнник киллэрэр сөп. Сорох дойдулар “эһиги, биһиги”, диэн арахса сатыыллар. Манна ордук “чараас” экэниэмикэлээх дойдулар оҕустараллар. Онон бу боппуруоска бары куолаан үлэлэһиэҕиҥ диэн ыҥырабын”, — диэн БРИКС чилиэннэригэр сыһыаран эттэ.

Ону таһынан, биһиэхэ сыһыаннаах алмаас бырамыысыланнаһын туһунан кэпсэтии эмиэ киэҥ сэҥээриини ылла.

— БРИКС түмсүү иһинэн күндү таастарга анал платформа оҥорор уолдьаста. Ону сэргэ алмааска эмиэ. Тоҕо диэтэргин, билигин, хомойуох иһин, бу эйгэбит атыыга-тутууга араас хааччаҕы көрсөн, тас дьайыылартан аһары тутулуктанна, — диэн этэр Владимир Владимирович.

Санатан этиим, быйыл бу эйгэҕэ арҕааҥҥы дойдулар хааччаҕы киллэрэннэр, алмаас бырамыысыланнаһынан дьарыктанар дойдулар үһүс дойдулартан алмааһы ылыылара тохтоото. Ол иһигэр “АЛРОСА” хампаанньа Индияҕа таһаарар бородууксуйата кыччаата. Индия премьер-миниистирэ Нарендра Моди тыл этиитигэр бу боппуруоска улахан тугу да эппэтэ эрээри, национальнай валютанан төлөһүү систиэмэтэ, логистика өттүгэр боппуруоһу быһаарыы бастакы миэстэҕэ туралларын иһитиннэрдэ.

Сайдыы саҥа баанын салайааччыта Дилма Роуссефф билигин дуоллар тас дойдуларга дьайар саа-саадах быһыытынан туттуллар буолбутун бэлиэтээн эттэ.

— Хомойуох иһин, билигин доллар нэһилиэнньэ олоҕун укулаатыгар дьайар саа-саадах быһыытынан туттуллар буолла. Ону сэргэ норуоттар икки ардыларынааҕы систиэмэҕэ быһаччы дьайар. Онон уопсай геополитическэй быһыы-майгы да бу өттүнэн уустугура турар, — диэн бэлиэтиир кини.

(Салгыыта бэчээттэниэ).

Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: