Салгыы
БРИКС: түмсүү кэҥээһинэ, былааннара

БРИКС: түмсүү кэҥээһинэ, былааннара

03.11.2024, 09:00
Мунньахха сүүрбэттэн тахса судаарыстыба салайааччылара кытыннылар
Бөлөххө киир:

2006 сыллаахха Петербурдааҕы экэниэмикэ улахан мунньаҕар тэриллибит БРИКС — норуоттар икки ардыларынааҕы кыра түмсүү билигин кэлэн, уон ордугуна аҕыс сыл ааспытын кэннэ, аан дойдуга биир бөдөҥ холбоһукка кубулуйда. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин түмсүү быйылгы мунньаҕар этэн аһарбытынан, бу аҥаардас экэниэмикэ боппуруостарын быһаарар былаһаакка эрэ буолбакка, аан дойдуга бэйэтэ баарын биллэрэр түмсүү буолла. БРИКС быйылгы саммитын түмүгүнэн, уон үс дойду бииргэ үлэлэһии статуһун ылла.

БРИКС + 13 дойду

Хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр БРИКС быйылгы улахан мунньаҕыттан экэниэмикэ боппуруостарын ылан көрбүппүт. Бу сырыыга түмсүүгэ ханнык дойдулар ыксаласпыттарын, туох кэпсэтиини ыыппыттарын, мунньах түмүгүнэн тахсыбыт декларацияҕа тугу киллэрбиттэрин ырытыахха.

Мунньахха, эрдэ этиллибитин курдук, түмсүүнү кытары үлэлэһиэн баҕалаах судаарыстыбаларга улахан болҕомто ууруллубута. Быйылгы саммикка отут биэс дойду дэлэгээсси-

йэтэ кытынна. Сүүрбэттэн тахса судаарыстыба салайааччылара бэйэлэринэн кэлэн бардылар. Ол иһигэр Иран, Араб Холбоһуктаах Эмираттара, Эфиопия уонна Египет БРИКС түмсүүтүн чилиэнин быһыытынан саммит бары мунньахтарыгар бастакыларын кытыннылар.

Былырыын Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллыбыт көрсүһүү кэнниттэн БРИКС түмсүүтүгэр отуттан тахса дойду чилиэн быһыытынан киириэн баҕарарын туһунан иһитиннэрбитэ. Ол эрээри түмсүү чилиэннэрэ эрдэ эппиттэринэн, саҥа дойдулары ылыы аны түһүмэҕинэн ыытыллыахтаах. Ол иһин быйыл түмсүү аатыгар киирбит сайаапкалартан саммит кэмигэр уонтан тахса судаарыстыба боппуруоһа көрүллүбүтэ. Мунньах түмүгүнэн кинилэргэ түмсүүнү кытары бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустара бэрилиннэ. Ол курдук, СНГ дойдуларыттан Казахстан, Узбекистан, Беларусь, Африкаттан Алжир, Нигерия, Уганда, Латинскай Америкаттан Боливия, Куба, Евразияттан Турция, Азияттан, Тиихэй акыйаан кытылыттан Индонезия, Малайзия, Таиланд уонна Вьетнам түмсүү үлэтигэр өссө чугас буоллулар.

Владимир Путин саммиты түмүктүүр пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрбитинэн, дойдулар бу статустары ылыылара тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн буолла.

 Казань куоракка буолбут саммикка барыта отут биэс дойду, алта норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүү кытынна. Маннык элбэх судаарыстыба кыттыбыта, бастатан туран, биһиги түмсүүбүт аан дойдуга оруола улаатан, кэҥээн эрэрин кэрэһэлиир. Оттон түмсүүгэ дойдулар киириилэрин туһунан этэр буоллахха, манна бастакы түһүмэх быһыытынан бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустарын киллэриини эрдэ сүбэлэһэн турабыт. Бу үлэбит чэрчитинэн быйылгы саммикка түмсүүнү кытары быһаччы үлэлэһэр дойдулар испииһэктэрин бигэргэттибит. Бу тэрээһин биир сүрүн боппуруостарыттан биирдэстэрэ, — диэн бэлиэтээтэ.

Владимир Путин этиитигэр санатан этиим, түмсүү аан бастаан Бразилия, Арассыыйа, Индия уонна Кытай миниистирдэрин таһымыгар үлэлиир этэ. Кэлин манна Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ эбиллибитэ. Судаарыстыбалар салайааччылара кыттыылаах бастакы саммит 2009 сыллаахха Екатеринбург куоракка ыытыллыбыта. Бу тэрээһинтэн саҕалаан түмсүү ыыра кэҥээн, бэлиитикэ, экэниэмикэ бары боппуруостарын көрөр буолбута. Былырыыҥҥы саммит түмүгүнэн түмсүүгэ өссө түөрт дойду эбиллибитэ.

Бу түһүмэҕи түмүктээн эттэххэ, маннык элбэх судаарыстыба БРИКС түмсүүтүн тула кэпсэтиини ыыппыта эрдэ суоҕа. Онон быйылгы саммит историяҕа хаалар биир бэлиэ тэрээһин быһыытынан хайа баҕарар сыаналанар кыахтаах. Ону ааһан, аан дойдуга бу тэрээһин салгына ыраахха диэри илгийэрэ эрэбил. Итини этэн туран, саммит кэмигэр ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн “БРИКС плюс” диэн форматтаах мунньаҕы ойуччу тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Европа, Азия, Африка уонна Америка

“БРИКС плюс” диэн мунньах ыытыллар буолбута олох аҕыйах сыл буолла. Бу тэрээһин сүрүн сыалынан аан дойдуга тирээн турар сытыы боппуруостары ырытыһыы буолар. Былырыын бу мунньахха сүрүннээн Африка судаарыстыбалара ыҥырыллыбыт буоллахтарына, быйыл Тутулуга суох судаарыстыбалар холбоһуктарын, Европа, Азия, Африка, Аан Илин, Латинскай Америка судаарыстыбалара кытыннылар. Ол иһигэр Азербайджан, Армения, Беларусь, Боливия, Венесуэла, Вьетнам, Казахстан, Киргизия, Лаос, Мавритания, Палестина, Конго Өрөспүүбүлүкэтэ, Таджикистан, Турция, Туркменистан, Узбекистан курдук дойдулар салайааччылара, Холбоһуктаах нациялар түмсүүлэрин (ООН) генеральнай сэкирэтээрэ Антониу Гутерриш биир остуол тула атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр.

Кэпсэтии тиэмэлэрэ да олус сытыы. Ол иһигэр Аан Илиҥҥэ, Украинаҕа, Хотугу Африкаҕа буола турар быһыы-майгы туһунан кэпсэттилэр. Манна Антониу Гутерриш Газа эҥээригэр, Ливаҥҥа, Судаҥҥа, Украинаҕа эйэни олохтооһун ХНТ устаабынан барыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ. Онуоха БРИКС түмсүү ылар оруола улаханын эттэ. “Биһиги ХНТ устаабын, үрдүкү сокуоннар, дойдулар суверенитеттарын, тутулуга суох буолууларын сыаннастарын хайа да түгэҥҥэ араҥаччылыах, туруулаһыах тустаахпыт. Биһиги саммиппыт (ааптартан — ХНТ мунньаҕа) глобальнай сайдыыга уонна куттал суох буолуутун хааччыйыыга үгүс өрүттээх суолу тутуһарга этии киллэрдэ. Аны билигин ити этиллибит тыллары дьыалаларынан, дьайыыларынан хайан биэриэххэ наада. Биһиги эрэнэбит, БРИКС сыалы-соругу ситиһиигэ улахан оруолу ылыа диэн”, — диэн этэр ХНТ генеральнай сэкирэтээрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, БРИКС быйылгы саммитын түмүгүнэн тахсыбыт декларацияҕа ХНТ түмсүүтүгэр, ол иһигэр Куттал суох буолуутун сэбиэтигэр реформаны ыытыы сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр. Казаннааҕы декларация туһунан уопсай ылан эттэххэ, бу докумуоҥҥа барыта 134 пуун киирдэ. Манна экэниэмикэ, үп-харчы боппуруостарыттан саҕалаан тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, үөрэххэ, билимҥэ, туризмҥа тиийэ бары дойдулары таарыйар эйгэлэр киирдилэр.

Онон бу түһүмэххэ этиэм этэ, БРИКС мунньаҕа, атын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэр мунньахтарын (холобур, бу сайын Италияҕа ыытыллыбыт “Бөдөҥ сэттэ” саммита) курдук буолбакка, үйэлэр уларыйыыларын быыһык кэмин сөпкө өйдүүрүнэн да, судаарыстыбалар бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэрин хайысхаларынан да быдан киэҥ хабааннаах буолла. БРИКС түмсүү күүһэ онно сытар — дойдулар эн-мин дэспэккэ, биир остуол тула олорон кэпсэтиилэригэр.

Түмүк оннугар

Быйылгы саммит тоҕо чуолаан Татарстааҥҥа ыытылынна диэн баҕар ааҕааччым санааҥ кэтэҕэр тута олорор буолуоҥ. Онно хоруйдаан этиим. Былырыын Владимир Путин улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр бу ыйытыыны суруналыыстар эмиэ биэрэн тураллар. Онно Владимир Владимирович: “Татарстаан — Арассыыйа түргэн тэтиминэн сайда турар эрэгийиэннэриттэн биирдэстэрэ. Казань куорат — ол сайдыы кэрэһитэ буолар. Ону ааһан Татарстаан — элбэх этностаах, итэҕэллээх, култууралаах, үгэстээх өрөспүүбүлүкэ”, — диэн хоруйдаабыта.

Кырдьык, Татарстаан билигин ислам итэҕэллээх үгүс судаарыстыбаны кытары үлэлэһэ олорор. Ордук энэргиэтикэ өттүгэр. Ону сэргэ кэлиҥҥи сылларга тутууну, айти-индустрияны сайыннарыы, туризм эйгэтигэр үгүс эрэгийиэни быһа көтөн ааста. Онон Татарстаан быйыл бенефистээтэ.

Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: