БРИКС түмсүүтүгэр 13 дойду бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустарын ыллылар
БРИКС быйылгы саммитын түмүгүнэн, уон үс дойду бииргэ үлэлэһии (страны-партнеры) статуһун ылла. Ол эбэтэр быйылгыттан саҕалаан бу судаарыстыбалар түмсүү атыыга-тутууга, экэниэмикэҕэ ыытар үлэтигэр быһаччы кыттыһан барыахтара.
Быйылгы БРИКС саммита Татарстаҥҥа Казань куоракка алтынньы 22-24 күннэригэр ыытылынна. Мунньахха, эрдэ этиллибитин курдук, түмсүүнү кытары үлэлэһиэн баҕалаах судаарыстыбаларга улахан болҕомто уурулунна. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин түмсүү дьыалабыай көрсүһүүтүгэр БРИКС-ка отуттан тахса дойду кыттыһан үлэлэһиэн баҕарарын туһунан иһитиннэрэр турар.
Бу дойдулартан саммит кэмигэр уонтан тахса судаарыстыба боппуруоһа көрүллүбүтэ. Мунньах түмүгүнэн кинилэргэ түмсүүнү кытары бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустара бэрилиннэ. Ол курдук, Казахстан, Узбекистан, Белоруссия, Турция, Алжир, Боливия, Куба, Индонезия, Малайзия, Нигерия, Уганда, Таиланд уонна Вьетнам түмсүүнү кытары сыһыаннарын өссө чиҥэтэн биэриэхтэрэ.
Владимир Путин саммиты түмүктүүр пресс-конференцияҕа иһитиннэрбитинэн, дойдулар бу статустары ылыылара тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн буолла.
— Казань куоракка буолбут саммикка барыта 35 дойду кытынна. Түмсүүнү кэҥэтии боппуруоһугар бастакы түһүмэх быһыытынан бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустарын киллэрии туһунан эрдэ сүбэлэһэн турабыт. Бу үлэбит чэрчитинэн быйылгы саммикка түмсүүнү кытары быһаччы үлэлэһэр дойдулар испииһэктэрин бигэргэттибит, — диэн этэр кини.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: