БРИКС түмсүүтүгэр 13 дойду бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустарын ыллылар

Share

БРИКС быйылгы саммитын түмүгүнэн, уон үс дойду бииргэ үлэлэһии (страны-партнеры) статуһун ылла. Ол эбэтэр быйылгыттан саҕалаан бу судаарыстыбалар түмсүү атыыга-тутууга, экэниэмикэҕэ ыытар үлэтигэр быһаччы кыттыһан барыахтара.

Быйылгы БРИКС саммита Татарстаҥҥа Казань куоракка алтынньы 22-24 күннэригэр ыытылынна. Мунньахха, эрдэ этиллибитин курдук, түмсүүнү кытары үлэлэһиэн баҕалаах судаарыстыбаларга улахан болҕомто уурулунна. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин түмсүү дьыалабыай көрсүһүүтүгэр БРИКС-ка отуттан тахса дойду кыттыһан үлэлэһиэн баҕарарын туһунан иһитиннэрэр турар.

Бу дойдулартан саммит кэмигэр уонтан тахса судаарыстыба боппуруоһа көрүллүбүтэ. Мунньах түмүгүнэн кинилэргэ түмсүүнү кытары бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустара бэрилиннэ. Ол курдук, Казахстан, Узбекистан, Белоруссия, Турция, Алжир, Боливия, Куба, Индонезия, Малайзия, Нигерия, Уганда, Таиланд уонна Вьетнам түмсүүнү кытары сыһыаннарын өссө чиҥэтэн биэриэхтэрэ.

Владимир Путин саммиты түмүктүүр пресс-конференцияҕа иһитиннэрбитинэн, дойдулар бу статустары ылыылара тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн буолла.

Казань куоракка буолбут саммикка барыта 35 дойду кытынна. Түмсүүнү кэҥэтии боппуруоһугар бастакы түһүмэх быһыытынан бииргэ үлэлэһэр дойдулар статустарын киллэрии туһунан эрдэ сүбэлэһэн турабыт. Бу үлэбит чэрчитинэн быйылгы саммикка түмсүүнү кытары быһаччы үлэлэһэр дойдулар испииһэктэрин бигэргэттибит, — диэн этэр кини.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago