Тыйаатырдарга, ордук чуолаан норуодунай тыйаатырдарга, үүнүү-сайдыы, ситии-хотуу бэлиэтэ классическай айымньыны туруоруу буолара мөккүөрү үөскэппэт. Классическай айымньы үйэлэри туораан да баран, күн бүгүн даҕаны тоҕоостоох түгэннэрдээх, этэрдээх-тыынардаах, үөрэтэрдээх-такайардаах.
Аны бу сайынныбыт диэн ааттаан кэпсэтии-сэһэргэһии наһаа судургутутуу тыыныгар киирэн ойуулуур-дьүһүннүүр, ис туругу, иэйиини тиэрдэр тылы-өһү умнуу, аахайбат буолуу баар, көннөрү кэллим, бардым, иһиттим диэн кэпсэтиинэн сыыйа тылбыт баайа бараныан, истиҥ сыһыан умуллуон сөп кэмигэр олоробут. Онон норуодунай тыйаатыр үлэтэ олус наадалааҕа хаһааҥҥытааҕар даҕаны сытыырхайан турар. Дэлэҕэ даҕаны дойдубут үрдүкү салалтата тыйаатырдар оскуолалартан саҕалаан баар буолалларын ситиһэр сыалы-соругу туруорунан үлэлээн-хамсаан эриэхтэрэ дуо…
Кэмиэдьийэ жанра тыйаатыр ускуустубатын биир саамай уустук жанра буолар. Эмиэ да күлүүлээх, эмиэ да бэһиэлэй ол эрэн кини хайаан даҕаны биир өрүтэ киһини толкуйдатар, үрүҥү-хараны алтыһыннарар, биирдиилээн киһиэхэ даҕаны онтон сиэттэрэн уопсастыбаҕа даҕаны мөкү, бөрүкүтэ суох өрүттэри болҕомтоҕо таһаарар. Инньэ күлүү быыһыгар сонньуйуу, бэл диэтэр кэлэйии да баар буолуон сөп, дьэ ону суруйааччы даҕаны, туруорааччы даҕаны, оонньооччу даҕаны бэрт сэрэхтээхтик алтыһыннаран, хайа да өттүгэр аһара барбакка көрөөччүгэ тиэрдиитэ туһугар туспа эйгэ, туспа ирдэбил, эппиэтинэс буолар. Аны туран тыйаатыр диэн бу тыыннаах толоруу, киинэ курдук уһуллуҥ да ол курдук хаалан хаалбат, хас сырыы ахсын атын-атын салгыннанан, ураты туруктанан тахсара олус умсугутуулаах, уйан-уран туруктаах. Омос санаатахха толорбут оруолгун, арыйбыт уобараскын, бэриллибит уларытыллыа суохтаах тиэкиһиҥ тылын-өһүн буолар, ол гынан баран хас сырыы ахсын тылы-өһү хайдах курдук араас өҥнөөн, улаатыннаран, кыччатан, туттан-хаптан, көрөн-истэн киирииҥ атын буолар. Аны төһөнөн элбэхтэ оонньуугун, соччонон оруолгар урут арыйбатаххын арыйан, көрбөтөххүн көрөн ситэрэн-хоторон биэрэриҥ баар суол.
Бу суруйбут көстүүм Хатас норуодунай тыйаатыра туруорбут (режиссер Быйаҥнаах Ичээнэ Баай Кыыһа) Н.В. Гоголь өлбөт-сүппэт улуу айымньытыгар – “Ревизор” кэмиэдьийэҕэ арылхайдык көһүннэ. Премьерата 2023 сыл бүтүүтэ буолбут испэктээк Хатаска, Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырыгар, Майаҕа Ходулов аатынан норуодунай тыйаатырга, Арассыыйа таһымыгар буолбут норуодунай тыйаатырдарын көрүүгэ (кэтэхтэн) уонна бу олох аҕыйах хонуктааҕыта Горнай улууһун киинигэр Бэрдьигэстээххэ “Күндэлэй” диэн норуодунай тыйаатырдар икки ардыларыгар кэмиэдьийэни туруорууга түөрт төгүлүн ыытыллыбыт күрэхтэригэр олус ситиһиилээхтик кытынна. Испэктээккэ оонньуур артыыстар састааптара сүрүннээн уларыйбата эрээри, араас биричиинэнэн кыайан кыттыбатахтар оннуларыгар саҥа дьон эмиэ баар. Бэлэмнэнии кэмигэр режиссер кыралаан уларытыылары киллэртээбитэ – туттууга-хаптыыга, тылы-өһү этиигэ, киириигэ-тахсыыга. Ол бастатан туран күрэх буоларын быһыытынан испэктээк оонньонор кэмэ чопчу бачча диэн быһыллыбытынан (40 мүнүүтэ) балтараа чаастан ордук оонньонуллуохтаах айымньы кылгатыыттан уонна үөһээ этэн аһарбытым курдук ханнык баҕарар испэктээк хас сырыы ахсын атын –атын салгыннанан, ураты туруктанан тахсара олус умсугутуулаах, уйан-уран туруктааҕыттан буолла. Ол туһунан артыыстартан ыйыталаспыппар маннык кэпсэтиилэр таҕыстылар.
Николай Протасов (Добчинскай оруола): «Бииргэ оонньуур партнерум уларыйбытыгар испэр салла санаабытым эрээри атын киһини кытта оонньоотоххо эмиэ даҕаны өссө интэриэһинэй, долгутуулаах буолар. Бу сырыыга эдэркээн Николай Слепцовтуун оонньоотум. Хата киһим сүрдээх эппиэтинэстээх, ылынна да дьоһуннук сыһыаннаһар буолан табыллан оонньоотубут. Киһи сүбэтин да ылынар, бэйэтин да өттүттэн саҥаны киллэрэр, режиссер да ирдэбилин тук курдук толорор. Дьоҕурдаах, талааннаах үчүгэйкээн киһи тыйаатырга киирдэ диэн санаалаахпын».
Саргылана Петрова: «Табыллан оонньоотубут дии саныыбыт. Пошлепкинам бу сырыыга арыычча кимиилээх, омуннаах, сирэй көрбөх буолла. Ону көрөөччү ылынна. Саҥа хамсаныылары, омуну-төлөнү репетицияларга бары сүбэнэн киллэрбиппит. Ордук үчүгэй сүбэлэри уопуттаах, элбэхтэ оонньообут Наталья Нохсорова, Саргылана Григорьева этээччилэр, ол эрээри биллэн туран сүрүн ирдэбил режиссер киэнэ буоллаҕа дии. Үчүгэйэ диэн кини артыыстар бэйэлэрин санааларыттан эбиини-сабыыны киллэрэрбитин үгүс өттүн ылынар, быһатын эттэххэ сүрүн өттүн кини оҥорор, онтон биһиги кыралаан эбэн-сабан биэрэбит».
Станислав Прокопьев: «Эр дьоҥҥо бастыҥ оруолун бастыҥ толорооччу диэн хайа баҕарар күрэххэ биир бастыҥ уонна үрдүктүк сыаналанар анал аат хаһаайына) Махталым улахана режиссербар Ичээнэҕэ уонна тыйаатырым дьонугар. Бу испэктээкилгэ сүрүн геройдары барыларын кытта алтыһабын, хас биирдиилэрин кытта араас сыһыаны көрдөрүөхтээхпин ол аайы уларыйан иһиэхтээхпин. Онон дьэ кырдьыктыы эт-хаан, өй санаа өттүттэн үлэлээн, тиритэн-хорутан этэргэ диэри сылайыахпар диэри үлэлээтим. Уобараһым сырыы ахсын туох эмит түгэннэринэн ситэриллэн-хоторуллан иһэригэр бииргэ оонньуур дьонум оруоллара улахан. Онон мин санаабар испэктээк диэн кэлэктиип бүтүннүүтүн үлэтэ». Ичээнэ Быйаҥнаах: «Түбүктээх үлэбит үтүө түмүктэммититтэн ис сүрэхпиттэн долгуйан, үөрэн сылдьабын. Биллэн туран бастатан туран хас биирдии артыыспар махталым муҥура суох. Любительскай тыйаатыр уратыта – диэн биһиги дьоммут үлэ кэнниттэн киэһэтин мусталлар, онтон биллэрин курдук киэһэ ким баҕар түргэнник сылайар, болҕомтону өр туппат уо.д.а. — бары даҕаны дьоҕурдаахтар, талааннаахтар уонна саамай сүрүнэ баҕалаахтар».
Биһиги тыйаатырбыт биир улахан иллээх-эйэлээх дьиэ-кэргэн курдук эйгэлээх, ол арааһата тыйаатырга кырдьыктыы даҕаны сырдыкка, үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһыы баарыттан буолуо, саастаах уопуттаах артыыстарбыт бэйэлэрин холобурдарынан, оруолга, уобарас аһыытыгар сыһыаннарынан, “урут биһиги саҕана” диэнэ суохтарынан буолуо диэн сабаҕалыыбын. Кэнники сылларга истиһэн, көрөн бэйэлэрэ баҕаларын биллэрэн кэлээччилэр баалларыттан испэр үөрэбин, ол аата үлэбит тахсыылааҕа, артыыстарбыт аптарытыаттара баар эбит диэн сыаналыыбын. Уонна, түгэнинэн туһанан тыйаатыр үлэтин үрдүктүк тутан бары өттүнэн көмө-тирэх буолар бэйэм үлэлиир Чепалов Валентин Азотович салайааччылаах “Тускул” КК махталбын тиэрдиэм этэ. Аҥардас баҕа санаа, артыыстар талааннара, дьоҕурдара ыраахха тиэрдибэт, онно эбии матырыйаалынай бааза, кэлиигэ-барыыга тырааныспар, ол-бу сурук-бичик, афиша, анонс, тэрилтэ салайааччыларын кытта кэпсэтии, үрдүкү салалтаны кытта алтыһыы, о.д.а. наада буоллаҕа дии, онно көмө-тирэх куруутун баар.
Түмүкпэр “Күндэлэй” диэн тэрээһини – күрэҕи иилээн-саҕалаан, бырайыак оҥорон иитэн таһаарбыт Горнай улууһун Бэрдьигэстээхтээҕи норуодунай тыйаатырга, кини чаҕылхай салайааччытыгар Елизавета Мартыноваҕа дириҥ махталбын тиэрдиэм этэ. Кини курдук үлэҕэ-хамнаска, айар үлэҕэ куруутун айымньылаахтык, сэргэхтик сыһыаннаһан, олох хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн тыйаатыр эйгэтин туһалаахтык тутан, онно сөптөөх айымньылары булан-талан туруоран, тыйаатыр иитэр-үөрэтэр аналын толору туһанар дьоһун дьон бааллара астык. 55 сыл тухары иҥпэккэ-сүппэккэ куруутун олох тыгыалас тымырын тутар манан аҕай дьыала буолбатаҕын бары даҕаны өйдүүбүт буоллаҕа дии. Биһиги тыйаатырбыт бу күрэхтэн иккис төгүлүн кыайыы кынатыгар олорсон үөрэн-көтөн кэллибит.Быйыл кыайыы саамай өрөгөй чыпчаалын – Кылаан бириис хаһаайыттара буоллубут. Ханна даҕаны, хаһан даҕаны бу курдук тэрээһиннэр чуолаан күрэхтэр таһымнара дьүүлүүр сүбэттэн олус тутулуктаахтар.
Ааспытын кэннэ билиннэххэ дьүүллүүр састаабын көрөн баран дьэ дьоһун дьон кэлбиттэр диэн эмиэ даҕаны астына, эмиэ даҕаны салла даҕаны санаабытым. Онно Мария Гаврильевна Боппоенова А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы КК уһуйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мария Никитична Данилова Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыската, СӨ үтүөлээх артыыһа, Бэрдьигэстээх тыйаатырыттан үүнэн тахсан Щепкин аатынан училищены бүтэрэн күн бүгүн Ньурба тыйаатырыгар үлэлии –хамсыы сылдьар Ефим Татаринов, айылҕа биэрбит көһөҥө талаанын сайыннаран үлэлии-хамсыы сылдьар Прокопий Федоров, СӨ норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэтин сүрүн исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна Алексей Константинович Захаров үлэлээтилэр. Дьэ, көрдөххө даҕаны, ханнык баҕарар үрдүк таһымнаах күрэҕи сыаналыахтарын сөп билиилээх-көрүүлээх, сатабыллаах, буспут-хаппыт дьон да баар, эбэтэр эдэр сибиэһэй көрүү да баар, этэргэ дылы испэктээкили төкүнүтэ сылдьан хайа баҕарар өттүттэн сыаналыахтарын сөптөөх. Түмүкпэр бу сырыыга тыраныспары булууга көмөлөспүт, айаммыт ороскуотун тус бэйэтэ төлөспүт, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаатыгар, тыйаатырбыт биир саамай чаҕылхай сулуһугар Алексей Дмитриевич Осиповка барыбыт аатыттан махталбытын тиэрдиэхпит этэ.
Тыйаатыр ханнык баҕарар киһини ис-тас турук алтыһыыта, биир тыыҥҥа киириитэ киһитийии таһымыгар тиэрдэр, өйү-санааны, сүрэх дууһа тугу этэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр диэн өйдөбүл этэрин сүрэхтиин-дууһалыын толоро сылдьар Хатас норуодунай тыйаатыра үлэтин-хамнаһын биир үтүө түгэнэ бу курдук диэн түмүктүүбүн.
Наталья Руфова, Хатас
СӨ ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар суолга саахал тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Ол курдук, Бүлүү оройуонун Лөкөчөөн…
Жатайдааҕы суудунаны тутар собуот биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уруккута суох сүҥкэн улахан масштабтаах тутуунан буолар. Ирбэт тоҥноох…
“Аэрофлот”, “Уральские авиалинии” авиахампаанньалар тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйа иһинэн көтүүгэ оҕолорго, иккилэриттэн уон икки саастарыгар…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн 16:45 мүнүүтэҕэ Байконур космодромуттан"Союз-2.1б" ракета-носители Сири тэйиччиттэн кэтээн көрөр космическай аппарааттаах ыыттылар. Ракета-носительга Саха…
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын сылы түмүктүүр кэллиэгийэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ суол-иис өттүгэр туох үлэ барбытын ырыттылар, түмүктэри…